нареч. счастливо, удачно; дьоллоохтук сырыт ! счастливого пути!
Якутский → Русский
дьоллоохтук
дьоллоох
счастливый; дьоллоох киһи счастливый человек; дьоллоох олох счастливая жизнь.
Якутский → Якутский
дьоллоохтук
сыһ. Эрэйи-муҥу, кыһалҕаны билбэккэ, үчүгэйдик, санаабыт курдук. ☉ Счастливо, благополучно
Дьадаҥы буолан баран, дьоллоохтук олордоххо, баай киһи эрэйдэнэн олорорунааҕар ордук. А. Софронов
«Өлөн эрэбин! Өрөгөйдөөхтүк олорбутум... Дьорҕооттору кыайбытым... Дьоллоохтук сылдьыбытым... Күөх халлааҥҥа көрүлээбитим». П. Ойуунускай
Дьон эмиэ элбэхтэр, бары илиилэрин биэрэллэр, дьоллоохтук айанныырга баҕараллар. Н. Заболоцкай
дьоллоох
- даҕ. Баҕа санаатын сиппит, олоҕунан дуоһуйбут, дьол тосхойбут. ☉ Счастливый
Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах (өс ном.). Кыыс оҕо сирэйигэр дьоллоох (өс ном.). [Миитэрэй саһылы өлөрбүт үөрүүтүгэр] баары-суоҕу барытын мунньан, иһит-иһити барытын тэбээн, солуурчахха саламааттаатылар. Дьоллоох дьоро киэһэ буолла. Амма Аччыгыйа
Үүйэлээх Симон бүгүн саамай дьоллоох күннэрэ. Дьоллоох дьоннор туора дьон туох дии саныылларыгар кыһаммат буолаллар эбит. Л. Попов
Кэлэр да кэмҥэ биһиги дьоллоох дойдубутугар куһаҕаны санаабыт уокка умайыа, илиитин көтөхпүт иҥиирэ тардыллыа. Т. Сметанин - аат суолт. Баҕа санаата туолбут, туохтан эмэ дуоһуйбут киһи. ☉ Счастливый человек
Ханнык дьоллоохторго оҕолор сүрэхтэрэ аһыллан биэрэрэ буолуой? Софр. Данилов. Өлүү эмээхсин кэллэҕинэ Улуу дьоллоохтор этэллэр: «Биэрэрим суох эбээт эйиэхэ, Дууһабын биэрбитим норуоппар!» П. Тобуруокап
Москваҕа үөрэнэр Чиэс дьоллооххо эрэ тиксэр. И. Гоголев
◊ Уһун дьоллоох - ыарыһах, кыаммат, дьоло суох киһи (аһынан эбэтэр абааһы да көрөн этэр тыл). ☉ Болезненный, жалкий, несчастный (употр. с оттенком легкого презрения или сочувствия)
Уһун дьоллоох ханна ырааппыт үһүө. ПЭК СЯЯ
дьоллоох-соргулаах
даҕ. Олохтон дуоһуйуулаах, дьол-соргу тосхойуулаах, улахан кэскиллээх. ☉ Довольный жизнью, счастливый, благополучный
Сир киэҥэ килбэйэр киинэ Дьоллоох-соргулаах Дьобуруопа диэн [баар эбит]... Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьоллоохсоргулаах көҥүл дойдубутун …… Урусхаллаан суоһарар соруктанан Уолусхан сэриинэн уоран түспүттэрэ. С. Зверев
Манан суруйааччылар норуот дьоллоох-соргулаах олоҕун туһугар тыынын толук уурбут Герой буойун дьон өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэтин бэлиэтииллэр. «ХС»
Еще переводы: