Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьондой

дьүһ. туохт. Көнөтүк хоноччу тутун; хороҕор көстүүлэн. Быть высоким, стройным, прямым; вытягиваться в высоту, вверх
Сирэй-харах дьондойон (туруйа) тойон буолуо суох киһи дуу? ПЭК ОНЛЯ II
Кыталык кынтайан Кырыымпа туппут, Туруйа дьондойон Трубач буолбут. Хоһоон т. Балаҕан үөлэһиттэн …… хойуу маҥан буруо маҥнай эрэ дьондойон тахсар, онтон өҕүллэн киирэн, өрүс ортотугар тиийэ ыраахха диэри субуллан турар. В. Короленко (тылб.)

Якутский → Русский

дьондой=

образы, быть высоким и стройным; дьондойбут киһи высокий и стройный человек.


Еще переводы:

дьондос гын

дьондос гын (Якутский → Якутский)

дьондой диэнтэн көстө түһүү. Хара таба тыһа курумулаах атахтарын хомуйа тардан, олоппоһугар көнөн дьондос гына түһэн баран, хоччорхойдук ыйытта. Софр. Данилов
Чэпчэки тыы «дьэ эрэ» диэбиттии тумса эрэ дьондос гынна, икки иэдэһин долгуннар лаһырҕаччы таһыйдылар. А. Федоров. Уран өй, талба тарбах оҥорбут Уһуурар уот ракетата Туруйа көтөрдүү дьондос гынна, кыталык кыыллыы кылбайа түстэ. И. Эртюков

дьондолун

дьондолун (Якутский → Якутский)

дьондой диэнтэн бэй
туһ. Ол ахсын эппиэти сүгэр сэкирэтээр киһи Проня кыдама кэриэтэ дьондоллон туран: «Эмиэ туман!» - диэмэхтиирэ. Софр. Данилов
Тиэргэн уҥуор аарыма туруйа дьондоллон олороро. И. Гоголев
[Булгунньах] оройугар Аарыма диэн улахан аракыатасөмөлүөт Тумат үөһэ суптуллан Турар эбит дьондоллон. Р. Баҕатаайыскай