дьорой диэнтэн бэй
туһ. [Дьахтар] иннигэр кэлэн дьороллон турда, өттүк баттанна. Саха фольк. Турулуктаах харахтаах, Туруору уҥуохтаах, Чуочаллыбыт кэтэхтээх, Дьороллубут сотолоох Дьондоллубут быһыылаах Туруйа кыылым барахсан. Күннүк Уурастыырап
Сөдүөрэ бокуонньук бастаан туран истэҕинэ, кулун оҕотун курдук дьороллон, хап-хара хараҕын оҕотун күлбүккэ дылы көрөн, икки иҥэ тэтэрэн үчүгэйкээн да этэ. Эрилик Эристиин