Якутские буквы:

Якутский → Русский

дьорҕойуу

и. д. от дьорҕой =.

дьорҕой=

проявлять бойкость, смелость, решительность; кини онно ордук дьорҕойбут в этом он проявил особую бойкость.

Якутский → Якутский

дьорҕойуу

дьорҕой диэнтэн хай
аата. Оҕонньор мунньахха дьүүллэниитин санаабат, соҕотох Арбатскай дьорҕойуутун курдук саныыр буолуохтаах. В. Яковлев

дьорҕой

туохт. Тугу эмэ өрө баран утары эт, мөккүс. Грубить, дерзить
Мөлтөххө дьорҕойор урдустар - куттастар, Күөх оту тоһуппат сэмэйдэр дьэ хата Кытаанах түгэҥҥэ кимнээҕэр хорсуттар. М. Ефимов
Кини бу ыалга кэлбитин усталаах-туоратыгар тойонугар бу эрэ утары дьорҕойдо. Р. Кулаковскай
«Чэ, барбахтаан ис», - диэн кини дьаамсыкка дьорҕойдо. Л. Толстой (тылб.)
бур. жархай


Еще переводы:

дьорҕос=

дьорҕос= (Якутский → Русский)

взаимн. от дьорҕой = соперничать, тягаться.

дьорҕойбохтоо

дьорҕойбохтоо (Якутский → Якутский)

дьорҕой диэнтэн тиэт
көрүҥ. Оттон [мөккүһээччилэртэн] анарааҥҥыта, онуоха утаран, сөмүйэтин чочоҥолото-чочоҥолото, өрүтэ дьорҕойбохтуур. П. Филиппов

дьохсоһуй

дьохсоһуй (Якутский → Якутский)

дьохсой 2 диэнтэн хамс
көстүү. [Ньирэй] Доҕотторугар дьорҕойон Дьохсоһуйан тиийэр, ойон. Анньыалаһар, күрдьүөттүүр, Атааннаһан мөҥүрүүр. П. Дмитриев

дьорҕойтолоо

дьорҕойтолоо (Якутский → Якутский)

дьорҕой диэнтэн төхт
туһ. Саҥа тыын ылан эрэр баай улам эрдийэн ыадаҥалыыр, дьадаҥы ыалларыгар дьорҕойтолуур: «Билигин байыаннай хомуйуусума буолбатах! Билигин НЭП буолан турар». Амма Аччыгыйа

иэһирт

иэһирт (Якутский → Якутский)

иэһир диэнтэн дьаһ
туһ. «Салҕаа» диэтэххэ саҥарбат, «Иэһирт» диэтэххэ этиппэт, «Дьоллоо» диэтэххэ дьорҕойор, «Абыраа» диэтэххэ абарар. Өксөкүлээх Өлөксөй
- Саамай уһаатахпына нэдиэлэ буолуом. - Оттон харчыҥ? Хантан иэһирдиэх бэйэбитий? «ХС»

туурхай

туурхай (Якутский → Якутский)

туохт. Тугу эмэ кыайыах-хотуох курдук тутун; дьорҕой. Отваживаться, осмеливаться на что-л. Хайа өйдөрүнэн …… Адьарай ааттаахтарын кытта Аат былдьаһан, Тулуйуохпут диэн Туурхайаллара буолуой?!! П. Ойуунускай

чолбоодуҥнаа

чолбоодуҥнаа (Якутский → Якутский)

чолбоодуй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Соҕотох хараҕынан сып-сытыы баҕайытык көрөнистэн чолбоодуҥнуу турар асчыт Мааппаҕа дьорҕойон кэбистэ. Амма Аччыгыйа
Бырыскаал [киһи аата] дьиэни тула көрөн чолбоодуҥнаата. В. Титов
Сирэйэ-хараҕа бэркэ турбут, уҥуор хараарар сиһи дьикти илбистээхтик одуулаһан чолбоодуҥнаата. Айталын

баар ээ

баар ээ (Якутский → Якутский)

  1. көр баар II.1. Киһи туһунан туох эмэ тылы-өһү истээт, итэҕэйэ охсорбут баар ээ! Софр. Данилов
    Оо, бука дөбөҥнүк саҥара охсубатыҥ баар ээ! Амма Аччыгыйа
    Начаалынньык да буолта баар ээ, оттон. Д. Таас
    2
    көр баар II.2. Ол туһугар эһэ, сылгы-ынах буолуохтааҕар, киһиэхэ бэйэтигэр да дьорҕойон туруо баар ээ. Н. Заболоцкай
    Букатын аккаастаан кэбиһиэм баар ээ. «ХС»
боспой

боспой (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Кыра уҥуохтаах эрээри туох эмэ көп, халыҥ баҕайы таҥаһы кэтэн (үксүн атахтаргар) эбэтэр кэппит курдук буолан көһүн. При невысоком росте иметь на ногах чрезмерно шерстистую, объемную обувь или выглядеть таким
Айылҕа көстүүлэрин, сатаатаххына, туохха барытыгар холуоххун, тэҥниэххин сөп эбит …… боспойбут оҕотуттан дьорҕойбут оҕонньоругар тиийэ. ФЕВ УТУ

дьорҕос

дьорҕос (Якутский → Якутский)

дьорҕой диэнтэн холб. туһ. Микиитэ бэрт сэргэхтик дьону эргитэ көрүтэлиир, толлубат, өссө дьорҕоһоору гынар быһыынан, иниспиэктэр диэки утары дьүккүйэ туттан олорор. Амма Аччыгыйа
Ити кыыл таба оҕолоох быһыылаах, ол иһин ити [бөрөҕө] олус дьорҕоһор. Н. Апросимов
«Былыр эйэлээх олох баара дуо?»- диэн бу сырыыга Марыся Ордонская дьорҕоспут быһыынан куолаһын үрдэтэн саҥарда. Эрилик Эристиин