Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьуххалаа

туохт.
1. Мууһун ыраастаа. ☉ Очиститься ото льда (о воде). Халаан уута өрүспүт мууһун үс хонук иһигэр дьуххалаан кэбистэ
2. Тугу да ордорбокко солоон, хоруйан бар. ☉ Идти, все сметая на своем пути
От-мас оһуорун дьуххалаата, Сир ийэ симэҕин сүргүйдэ. Икки атахтаах Эҥинэ бэйэлээх Тулуйан турбат Буурҕата буолла. П. Ядрихинскай
[Сэриигэ сылдьан] Тоҥ кырсы тоҕонохпунан дьуххалаабытым, Инчэҕэй буору Этим сылааһынан куурпутум. С. Васильев


Еще переводы:

дьуххалан

дьуххалан (Якутский → Якутский)

  1. дьуххалаа диэнтэн бэй., атын. туһ. Балаҕан өтөхсүйбүт: сыбаҕа дьуххаланан түспүт, түннүктэрэ аһаҕастар. Н. Якутскай
    Аҕыс салаалаах Аал Кудук мастара Алын силиһэ адаарыйбыт, …… Хатырыктыын дьуххаламмыт. С. Васильев
  2. Таҥаскын уһул, сыгынньахтан, сыбыдахтан. ☉ Сбрасывать с себя одежду, оголяться
    Мин аргыһым, былҕайбыт кугас атыыһыт, симии эбэтэр тимир оһох иннигэр киирэн олорон, дьуххаламмытынан барар, ордук таҥаһын устуталаан кэбиһэр. В. Короленко (тылб.)