Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьуһаал

I
аат., эргэр. Былыр Саха сирин хотугулуу илин өттүгэр, Үөһээ Дьааҥы сиригэр олорбут биис ууһа. Племя, в прошлом проживавшее на северо-востоке Якутии, на территории нынешнего Верхоянского улуса
Дойду дьоно тахсан Үрүҥ Хампа диэн үрэххэ дьуһааллары сэриилээбиттэр, биир дьиэ дьонун кыдыйбыттар. Саха сэһ. II
II
даҕ.
1. Көҥүл, бырах сыдьар, уччуйбут, тэлэһийбит. Скитающийся, бродяжничающий, странствующий
Добун уол оҕо дьуһаал кута буоллун... Саха фольк. Кини боруорхай, эмэхсийбит иэдэһигэр түспүт хараҕын уутун татым таммаҕын сотто-сотто эппитэ: «Аны көрсүбэппит буолуо, эн, дьуһаал, биир сиргэ түптээн олорбот киһи, ыраатыаҥ, оттон мин өлөөхтүүрүм буолуо». М. Горькай (тылб.)
2. көсп. Кытараабыт; туһата суох буолбут. Бесплодный, неплодородный (о почве, земле)
Дьуһаал бургунас. Дьуһаал толоон. СГФ СКТ


Еще переводы:

дьуһул

дьуһул (Якутский → Якутский)

көр дьуһаал II.2
Төрөөбөт-үөскээбэт Уу дьуһул дьахтарга Ымсыыра санаама, Ыччата суох буолуоҥ. А. Бэрияк

дьуһуур

дьуһуур (Якутский → Якутский)

көр дьуһаал II.1
Дьуһуур киһи. СГФ СКТ
Дьуһуур суоллаах, Дьэллик идэлээх, Айанньыт саҥнаах, Элбэх эргиэннээх, Киэҥ кэпсэтиилээх, Ыраах ыырдаах Буолар оҕоҕо ымсыырарыҥ буолаарай? Өксөкүлээх Өлөксөй