Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьыллаа

туохт.
1. Хайдах сайын кэлэрин билгэлээ. Прогнозировать, предсказывать, каким будет лето (обычно для сельского хозяйства)
Оҕонньоттор ол аайы [кулун тутарга тибии түспүтүгэр] үөрэн сэксэҥнэһэн, быйаҥнаах, өҥ буолаары гынна диэн дьыллыыллара. В. Яковлев
Коля хамсатын тэбээтэ, Сахалыы дьыллыы охсор: Этиҥ бэркэ сааллан эттэ, Ардахтаах сайын буолсу. Баал Хабырыыс
«Хаар халыҥ, саас хатаабатаҕына, уу тахсар буолла», - диэн сааһыттар бэйэлэрин туһаларыгар дьыллыыр идэлэннилэр. «Кыым»
2. харыс т., эргэр. Өлөр, идэһэлэн. Убить кого-л.; забить скотину. Дьэ, аҕаҕын дьыллаатыҥ дуу? [Оонньоон этии.] ПЭК СЯЯ
[Ынах:] Дьэ мин хотуҥҥа кэриэс этиэхтээхпин, манна өр аһаабытым, хотуммун көрүһүннэрэн баран дьыллааҥ, айылааҕын. Н. Түгүнүүрэп


Еще переводы:

сэксэҥнэс

сэксэҥнэс (Якутский → Якутский)

сэксэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Оҕонньоттор ол аайы үөрэн сэксэҥнэһэн, быйаҥнаах, өҥ буолаары гынна диэн дьыллыыллара. В. Яковлев