Якутские буквы:

Русский → Якутский

дьякон

м. дьаакан (сололоох лөчүөк, аҕа-быты эрэ аннынан).


Еще переводы:

дьаахан

дьаахан (Якутский → Русский)

уст. дьякон.

дьаахан

дьаахан (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Таҥара дьиэтин кыра дуоһунастаах үлэһитэ, аҕабыыт көмөлөһөөччүтэ. Дьякон (низший духовный сан, помощник священника)
Убайа дьааханынан үлэлии сылдьан чаһы өрөмүөннүүрэ, мэхээнньик идэлээҕэ. Н. Якутскай
[Никифоров кинээс уола] үөрэҕин эмиэ кыайан бүтэрбэтэх. Эмиэ бэйэтин курдук урдустары, дьаахан уолаттарын, дьаарбата таһаарбыт. М. Доҕордуурап
Учууталлара аҕабыыт уола - Василий Михайлович Попов - таҥара дьиэтин дьаахана эбит. «Чолбон»

көөҕүнэс

көөҕүнэс (Якутский → Якутский)

I
көөҕүнээ диэнтэн холб. туһ. Өр буола-буола итирик бандьыыттар кэһиэхтээх куоластара көөҕүнэһэр, күлсэн алларастаһар саҥалара иһиллэр. А. Сыромятникова
[Барааннар:] Күөмэйбитин көйгөлөөмөҥ, Көөҕүнэһэн үтүктүмэҥ: Аны кэлэн, өстүбэһи, Чаҕаарбаппыт буолуо биһи. С. Васильев
II
даҕ. Бүтэн хаалбыт курдук кэһиэхтээх сөҥ куоластаах. Густой, низкий, басистый (о голосе)
Сүрдээх доруобай, сөҥ көөҕүнэс саҥалаах, кытаанах тыйыстыҥы сирэйдээх-харахтаах күрдьүөттээбит курдук киһи естествознание уруогун биэрэрэ. Н. Заболоцкай
Мин дьякон курдук көөҕүнэс куоластаах кыргыттары сөбүлээччибин. А. Фадеев (тылб.)