Якутские буквы:

Русский → Якутский

запускает машину

гл
массыынаны ыытар, үлэлэтэн барар

разворачивает машину

гл
массыынаны эргитэн аҕалар

бункерная уборочная машина торфяная

буункардаах лыбыктаны (торф (хомуйар массыына) — тиһиликтээх тракторга холбонуллан субууламмыт лыбыктаны хомуйан мунньар, дьаарыстыыр чөмөххө таһар массыына. Б. л. х. м. баһар хомуостаах, аһыллар-сабыллар хугэхтээх киэн истээх буункардаах, лыбыкта төһө хомул-ларын aagap кэмниирдээх.)

валочно-трелевочная машина

маһы соҕотуопкалыыр массыына (маһы охторор, мутугун ыраастыыр, сааһылыыр, ойуур суолунан таһар массыына.)

грузоподъемная машина

курууһу көтөоөр массыына (курууһу, дьону туруору эбэтэр туруору coҕyc түһэрэр-таһаарар оноһук: лиип, кыраан уо. д. а. К. к. м. домкраттар, полиспастар, бэйэтэ куруустааччылар, эргийэр кырааннар о. д. а. эмиэ киирэллэр. Сүүһүнэн туоннаҕа тиийэр ыйааһыннаах курууһу биирдэ көтөҕөр К. к. м-лар электрическэй да, ис умайыылаах даҕаны хамсатааччыларынан үлэлииллэр.)

доильная машина

ыыр массыына (ынаҕи ыырга туттуллар массыына. Ы. м. үлэтэ ынах эмиийигэр кэтэрдиллэр ыстакаанҥа салгын аҕыйаан үүтү оборуутугар олоҕурар, 100-125-кэ тнийэ ынаҕы тэшгэ ыахха сөп.)

зерноочистительная машина

бурдук ыраастыыр массыына (бурдук туорааҕын ыраастыыр уонна араас уратыларынан — көтүмтүөлэринэн, кээмэйдэринэн, быһыыларынан, ыйааһыннарынан энин суортуур массыына. Б. ы. м. биир сиргэ туруоруллар уонна сыҕарытыллар араастардаах.)

капустоуборочная машина

хаппыыста хо муйар массыына (КПД-35 эбэтэр МТЗ тракторга холбонуллан хаппыыстаны хомуйар массыына. Сыаптаах сахсыйар аппараат хаппыыстаны туура тардан ылар уонна лкки диискэлии быһыыллаах быһахтарга биэрэн төрдүн быстарар.)

легковая машина

прил
легковой массыына

машина

ж. массыына (1. хайа эмэ үлэлиир механизм; 2. автомобиль).

машина

массыына (хамсыыр чаастардаах оноһуу, механизм, механизмнар холбоһуктара. Эниэргийэни, матырыйаалы эбэтэр информацияны кубулутан туһанарга туттуллар. М. арааһа, көрүнэ элбэх: электрическэй, гидравлическай, үүттүүр, кээмэйдиир, ааҕар-суоттуур, сыбааркалыыр, бэчээттиир уо. д. а. М. анала: киһи үлэтин чэпчэтии, солбуйуу, үлэ оҥорумтуотун үрдэтии.)

машина мездрильная

үрүөхтүүр массыына (сүөһү, кыыл тириитин субатын ыраастыыр массыына. Ү. м. тириини баалга эрийэр уонна биинтэлии быһыылаах быһахтарынан субатын дьуххалыыр. Ү. м. көмөтүнэн сүөһү тириитин түүтүн ыраастатыахха эмиэ сөп.)

машина электрическая

электрическэй массыына (! — электрическэй эниэргийэни үөскэтэр эбэтэр атын эниэргийэҕэ кубулутар массыына. Электричество күүһүнэн үлэлиир массыыналар эмиэ Э. м. киирэллэр.)

навесная сельскохозяйственная машина

тыа хаһаайыстыбатын иилиллэр массыыната (трактор иннигэр эбэтэр кэннигэр быстах таныллар (олордуллар) тыа хаһаайыстыбатын ханнык эмэ чопчу үлэтин толорор массыына.)

отсадочная машина

сиксийэр массыына (байытар үлэ биир туспа түһүмэҕин толорорго аналлаах массыына. Байытыллар матырыйаалы эбэтэр булкадаһыгы сиксийэн (дьиһигитэн) састаабыгар баар минераллары өлүү ыйааһыннарынан, оттон чоҕу көөрөмөстөрүн кээмэйдэринэн араартаан наардыыр.)

рассадопосадочная машина

арассааданы олордор массыына (оҕоруот аһын, эфирдээх-арыылаах культуралар о. д. а арассаадаларын олордор массыына. Дьураалары онорор, арассааданы олордор, уоҕурдуулаах ууну кутар уонна олордубут үүнээйилэрин силистэрин көмөр. А.о.м. тракторга холбонуллар, икки, туөрт, алта кирээдэни тэннэ олордор массыыналар бааллар.)

семяочистительная машина

сиэмэ ыраастыыр массыына (культурнай үүнээйилэр сиэмэлэрия сыыс оттор сиэмэлэриттэн, сыыстан, кумахтан уонна үлтүрүйбүт сиэмэлэртэн араарар массыына. Сиэмэни кээмэйинэнэн, ыйааһынынан, тас быһыытынан суортаан араарар.)

швейная машина

прил
иистэнэр массыына


Еще переводы:

заправляет

заправляет (Русский → Якутский)

гл
(машину, трактор) уматыгы кутар (массыынаҕа, тракторга)

стопорить

стопорить (Русский → Якутский)

несов. что стопордаа, тохтот, бытаарт; стопорить машину массыынаны тохтот.

хоҥнорус=

хоҥнорус= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от хоҥнор =; массыынаны хоҥнорус помоги сдвинуть машину.

суөкэс=

суөкэс= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от сүөкээ =; таһаҕастаах массыынаны сүөкэс = помогать разгружать машину.

монтировать

монтировать (Русский → Якутский)

несов. что монтажтаа, таҥ (хсмуйан туруор); монтировать машину массыынаны таҥ.

саахаллаа=

саахаллаа= (Якутский → Русский)

ломать; портить, повреждать что-л.; массыынаны саахаллаа = поломать машину (при аварии).

конструировать

конструировать (Русский → Якутский)

сов. и несов. что конструкциялаан оҥор, оҥорон таһаар; конструировать машину массыыната оҥорон таһаар.

куруустаа=

куруустаа= (Якутский → Русский)

грузить, нагружать; выгружать; складывать груз; таһаҕаһы массыынаҕа куруустаа= нагрузить машину; борокуоту куруустаа= разгрузить пароход.

опробовать

опробовать (Русский → Якутский)

сов. что боруобалаа, холоон көр, үлэлэтэн көр; опробовать новую машину саҥа массыынаны боруобалаа.

үлэлэт=

үлэлэт= (Якутский → Русский)

1) побуд. от үлэлээ=; 2) пускать в ход, приводить в движение, в действие; массыынаны үлэлэт = завести машину.