аат., бот. Күөл кыламаныгар үүнэр, урут хатаран бурдук оҥорон сиэниллэр эбэтэр эмп быһыытынан туттуллар үс кырыылаах уһун синньигэс сэбирдэхтээх, маҕанныҥы кытархай сибэккилээх, силистээх уу ото, анаҕаһын, күөл аһа. ☉ Сусак зонтичный
Бурдук хааһы унньуула хааһытааҕар ырааҕынан үтүр, өҥ, тотоойу аатырбыта. Күннүк Уурастыырап
Унньуула хаппыт силиһин суорунаҕа тардан, былыр сахалар бурдугу ылаллара. Багдарыын Сүлбэ
Унньуула тардан суоракка кутара. Д. Кустуров