Якутские буквы:

Якутский → Якутский

идиэл-ходоол

даҕ. Букатын айгыраабыт, күөрэ-лаҥкы барбыт (үксүгэр дьиэ-уот, хаһаайыстыба туһунан). Совершенно расстроенный, развалившийся, пришедший в упадок (о хозяйстве, доме)
Идиэл-ходоол курдук. ПЭК СЯЯ
Былыргы дьылга, урукку күҥҥэ, эргэтээҕи бириэмэҕэ туох да ис бараана суох идиэл-ходоол балаҕан буолла. Саха фольк. Идиэл-ходоол олоҕу көрөр-билэр да, кини көмөлөһөр кыаҕа суоҕун билинэр. Л. Толстой (тылб.)


Еще переводы:

эргэтээҕи

эргэтээҕи (Якутский → Якутский)

даҕ. Урут буолбут, былыргы. Произошедший в прошлом, былой, старинный
Эргэтээҕи дьыл. ПЭК СЯЯ
Былыргы дьылга, урукку күҥҥэ, эргэтээҕи бириэмэҕэ туох да ис бараана суох идиэл-ходоол балаҕан буолла. Ньургун Боотур
«Эргэтээҕи үрүҥ суола буоллун!» — диэн алҕаан баран, Муҥур Уола бэйэтинэн уокка үс төгүл арыгы кутан күлүм гыннарбыта. Күннүк Уурастыырап
[Хара муора] Эргэтээҕи кэмнэргэ, Элбэх да эргиэн хараабын Эҥсиллэр баалгынан Иһирдьэ эҕирийбитиҥ! С. Васильев