Якутские буквы:

Якутский → Якутский

илбээ-холбоо

туохт. Тус-туһунан сылдьар туохтары эмэ (чаастары, эттиктэри о. д. а.) хомуйан тис. Соединять, собирать что-л. (из частей, отрезков и т. д.)
Дириэктэрдээх завуч үөрэтии-иитии боппуруоһугар Макаренкоттан Сухомлинскайга диэри илбээн-холбоон этиилэрэ бүтүннүү быһаччы суолтата суох элбэх күүркэтиилээх тылларынан үллэн олорор. Н. Лугинов
Хомуос кыыһа эригэр Хоолдьуга ат сиэбэтэҕин, Кэккэлэһэ нэһилиэккэ Кийиит сүктэн кэлбитин - Илбээнхолбоон, ыаһахтанан, Ирэ-хоро ырыттылар. Күннүк Уурастыырап
Онон илбээн-холбоон уонча хаһаайыстыба буоллулар. М. Доҕордуурап

Якутский → Русский

илбээ-холбоо=

соединять, собирать что-л. (из частей, отрезков).


Еще переводы:

тулум

тулум (Якутский → Якутский)

аат. Туохтан эмэ ордон хаалбыт чорбох. Остаток чего-л. (напр., огрызок, обрезок)
Тобох-сэмнэх харайтаран, Тулум, кыраһык аттаран, Иккиэн эриэн саҕынньаҕы Илбээн-холбоон таҥныбыттар. К. Туйаарыскай
Лөкөй …… атыттан адаарыйан түһэн, ынаҕы быстыбыт быатын тулумуттан сиэтэн [аҕалла]. «ХС»
ср. уйг. тилим ‘кусок, ломтик’, бур. тулам ‘мешок (кожаный)’, осм., с.-юг. тулум ‘дублёная целая кожа животных’, монг. диал. тулум ‘содранная кожа’