Якутские буквы:

Русский → Якутский

индейка

ж. индейка, өҥөй бөтүүк тыһыта.


Еще переводы:

эппэй

эппэй (Якутский → Якутский)

I
туохт., эргэр. Суох буол, бар. Убираться, удаляться
Күр муус эппэйэр. ПЭК СЯЯ
Эргэ дьыл эппэйбит, Саҥа дьыл салаллыбыт. Саха нар. ыр. I
ср. др.-тюрк. ев ‘спешить, торопиться’, уйг. ап ‘спешить’
II
туохт.
1. Туохтан эмэ (хол., аһара үөрэн, долгуйан) түргэнтүргэнник тыын, аҕылаа. Дышать часто, запыхаться, задыхаться (напр., от радости, волнения)
Сааһы сэргээн, санаа сырдыыр, Саастан үөрэн, сүрэх ыллыыр, Күүрэ, чэпчии эппэйэҕин, Күндү дьолу билэҕин. Күннүк Уурастыырап
Дьоллоох куорат Дьокуускайтан Эйигин [Өлүөнэ] өрө өксөйдүм, Эппэйэ үөрэн, сабыстан Эн киэлигин мин көрдүм. Дьуон Дьаҥылы
Толбонноох, көһүтэр күннэргин түөһэммин Эҕэрдэ этэммин эрдэттэн эппэйдим. «ХС»
2. көсп. Өрө түллэр, үллэр курдук буол (хол., уу долгунун этэргэ). Сильно вздыматься, колыхаться (напр., о волнах)
Эрдиммит тимир аал борокуот Долгуну хайытан дэгдэйдэ, Хамсаабыт, күүгэннээх уу үрдэ Эҥсиллэр баалынан эппэйдэ. С. Васильев
Күөллэрбит үөрүүлэриттэн уулара таһымныар диэри эппэйэллэр. «ХС»
Сүрэҕэ эппэйэр — сүрэҕэ күүскэ тэбэр (хол., үөрэн, долгуйан, куттанан). Испытывать сильное волнение, тревогу (букв. сердце его задыхается)
Сүнньүм доргуйдаҕын, Сүрэҕим эппэйдэҕин. П. Ойуунускай
Сүр-сүр үөрүнньэҥ Сүрэҕим эппэйэр. В. Миронов
Дьулаан түүлү көрөн куйахата бүрүтэ тардара, сүрэҕэ эппэйбитэ ааһа илигэ. Тумарча
III
аат.
1. Бурдугу бастакы көтүтэн ыраастааһын кэнниттэн хаалар тобоҕо, ордуга. Отходы, остатки от первичной очистки зерна веянием, охвостье
Туораахтары бөҕүттэн эбэтэр эппэйиттэн арааран, ыраас буоларын ситиһэллэр. ЕВФ УуДК
Астаммыт бурдугу соломотуттан, бурдук атаҕыттан эбэтэр эппэйиттэн араарага сахалар Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар тиийэ атыкайы туһаналлара. ЕВФ УуДК
Бурдук эппэйэ элбэх оройуоннарыгар кууруссаны, индейканы уонна цесарканы иитэргэ сүбэлэнэр. ЛЕВ ССКИиС
2. Астаах (туораахтаах) өттө ылыллан баран, оттоох өттө сынньылла илик баайыылаах бурдук түүтэҕэ. Наскоро обмолоченный, остарнованный сноп
[Былаас:] Хата, бокуой булар буоллар, били аҕыйах түүтэх эппэйи сынньыллыа этэ. А. Софронов
ср. тюрк. эп ‘хлеб’

улар

улар (Якутский → Якутский)

аат.
1. Дабыдалыгар уонна кутуругун кытыытынан эрэ үрүҥ куорсуннардаах, хара дьүһүннээх, кыһыл хаастаах, бөдөҥ мас көтөрө. Глухарь
Биирдэ эмэ хара улар тиит төбөтүгэр хатанан тугу эрэ тойоннообут курдук чолойон олороро көстөр. Н. Неустроев
Дьөгүөрдээн өлөрбүт уларын сайбаарыччы туппутунан киирэн кэллэ. Амма Аччыгыйа
Уҥуор ыгым улардар Куллугуруу охсоллор. С. Данилов
2. көсп. Өйүн тута илик мэник-тэник оҕо (үксүгэр аҕыс-уон саастаах оҕо туһунан). Неразумный, глупый ребёнок, ещё не вошедший в сознательный возраст (обычно от восьми до десяти лет), озорник
Суһуохпун чороччу эринэн, Мэнигилээн дьэргэстэнэн, Оонньоон хоройдонон, Уончабын туолан, Уларбар түһэн сырыттахпына. Өксөкүлээх Өлөксөй
Уоннааҕар улар буолан барбыт. «ХС»
Онон бу сааһы оҕо улар буолар кэмэ дииллэрэ оруннаахха дылы. ЧКС АК
Улар мэйии көр мэйии
[Өрүүнэ оҕонньорун:] Сараһын, сааһырдаҕыҥ аайы аар акаары, улар мэйии буолан иһэҕин. В. Ойуурускай. Улар мэник — мэниктэник, улдьаа (аҕыс-уон саастаах оҕону этэргэ). Бестолковый, озорной (обычно о ребёнке от восьми до десяти лет)
[Удаҕан — Кулун Куллустуурга:] Уруугун билбэт уһунуҥ тухары улар мэник, төрөөбүт төрүт уруугун миигиттэн түөстэрэҥҥин истиэххин баҕараҕын дуо? ПЭК ОНЛЯ III
Мас, туос ынахтардаах Мааны саас чаҕылынна, Ураҕас уһуу аттаах Улар мэник күнүм үүннэ. Н. Босиков
Улар мэник уолчаан сылдьаммыт ырбаахыбытын туу оҥостон балыктыыр үрэхпитин көрөммүн дууһалыын долгуйдум. «ХС»
Аҥаалык (хара) улар көр аҥаалык
Арай улахан тиит үөһээ өттүн диэки биир аҥаалык хара улар аһыы олорор эбит. Саха фольк. Сүүнэ баҕайы аҥаалык улар саһыл хороонугар киирэн иһэн, баппакка иҥнэн хаалбыт. «ХС». Бэс улара — чакыр улар диэн курдук. Бэс улара Бүлүүгэ Чуона, Улахан уонна Аччыгый Ботуобуйа, Аппайа, Бүлүүчээн уонна Кэмпэндээйи өрүстэр тыаларыгар ордук тэнийбит. Охсор хара улар көр оҕус I. Өйдөөн көрбүппүт, суон тиит лабаатыгар охсор хара улар олорор эбит. Сиэнчэр улар — хараҥа сиэрэйдиҥи, күллүҥү өҥнөөх, хара-сиэрэй тумустаах улар (чакыр улар уонна хара улар булкааһа). Тёмно-серый или помесный глухарь (гибрид обыкновенного и каменного глухарей)
Сиэнчэр улары атыннык «ыллык тумус» диэн ааттыыллар. Тиит улара көр тиит. Аҕам тиит уларын бултаабыт. Улар (куртуйах) охсор көр оҕус I. Чыычаахтар ыллыыллар, ойуурга улар охсор, ылааҥы күн үөһэттэн тыгар. Г. Нынныров
Тыҥ хатыыта дьыбарга Улар охсоро, улар иэйэрэ Уорааннана дьиэрэһийэр. С. Дадаскинов. Улар охсуута — улардар ууһаары ханыыларын булсар оонньуулара, кэмнэрэ. Глухариный ток, токование глухаря. Учуонайдар улар охсуутун күһүн эмиэ кэтээн көрбүттэр. Хара улар — көхсө, кутуругун үрдэ маҥаннаах, хара тумустаах кыра улар. Каменный глухарь
Ас баһаам этэ: мас көтөрө бочугураһыттан хара уларыгар тиийэ, куобах этэ, үөлбүт собо. Күннүк Уурастыырап
Ээ, хара улар илэ бэйэтинэн эбит! Амма Аччыгыйа. Чакыр улар — харатыҥы сиэрэй өҥнөөх, кынаттара кугастыҥы, түөһэ маҥан бээтинэлээх, хабарҕата, куолаҕа от күөҕэ толбонноох, үрүҥ тумустаах улар. Глухарь обыкновенный, пальник. Чакыр улар кытыан отонунан, уулаах, уҥуохтаах отоннорунан, бэс иннэтинэн, туорааҕынан аһылыктанар. Эрдэҕэс улар — улар тыһыта. Самка глухаря, глухарка
Кыһыллаай иннигэр эрдэҕэс улар моонньо күөх от быыһыгар күөкэҥнээтэ, уһун токур кутуругун сиргэ соспут. Л. Попов
Биир киһи, сөһүргэстээн олорон, эрдэҕэс улары үргээн бурҕаҥнатар. «ХС»
ср. др.-тюрк., тюрк., монг. улар ‘куропатка; глухарь; тетерев; горная индейка’