Якутские буквы:

Якутский → Якутский

иппэй-туппай

иппэй-туппай оҕо - барыны бары илиитигэр ыла сылдьар, барыны бары тутан көрө сылдьар оҕо. Ребенок, который хватает все, что попадается под руку
Иппэйтуппай оҕолоох дьон кырыылааҕы куһаҕаннык уурбаттар. ПЭК СЯЯ; иппэй-туппай үлэ - быстах-остох, илииатах үлэ. Временная, мелкая работа
Даарыйа, дьиэ иһинээҕи иппэй-туппай үлэтин бүтэрээт, тэлгэһэҕэ тахсан, киэһээҥҥи салгыҥҥа сөрүүкүү, лааппы маска олордо. В. Протодьяконов
Иппэйтуппай үлэҕэ сылдьыаххынааҕар, хара ааныттан ыанньыксыт буолтуҥ быдан ордук. М. Доҕордуурап
Билигин итиччэ доруобай эдэр киһи хонуу иппэй-туппай үлэтигэр сылдьар эбит. «ХС»; иппэй-туппай үлэлээ - быстах-остох үлэни толор; кыра үлэни толорон көмө буол. Выполнять мелкие работы; помогать, пособить кому-л.
Ийэтигэр көмөлөһөн, Иппэй-туппай үлэлэһэр: Иһит сууйар, дьиэ харбыыр, Иинтэн ылан үүт астыыр. Күннүк Уурастыырап
Куоракка олордоҕуна, ыалларга илии-атах буолан, иппэй-туппай үлэлээн, ханнык эмэ харчы сыыһын өлөрөр. Ф. Софронов


Еще переводы:

үлэлээ

үлэлээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Тугунан эмэ дьарыктан, бэйэҥ үлэҕинэн туох эмэ дьайыылары оҥор. Работать, трудиться
Дьиҥэр, маннык куһаҕан сааска, күн көрө түстэр эрэ үлэлээбитинэн барыахха баара. П. Егоров
Бэрт дьаныардаахтык көлөһүнү кэрэйбэккэ күнүстэри-түүннэри үлэлиибит. И. Данилов
[Ийэлэрэ] куоракка олордоҕуна, ыалларга илии-атах буолан, иппэй-туппай үлэлээн, ханнык эмэ харчы сыыһын өлөрөр. Ф. Софронов
Атастарым, кэлэн үлэлээбиккитигэр баһыыбаларыҥ! М. Доҕордуурап
2. Туох эмэ аналгынан дьайар туруктаах буол, дьай (хол., тэрилтэ, тиэхиньикэ, собуот). Действовать, функционировать (напр., о заводе, технике)
Манна [Кэмпэндээйигэ] эмтээх бадараанынан эмтиир сонотуоруй үлэлиир. И. Данилов
Ханна эрэ тыраахтар үлэлиир. Н. Заболоцкай
Бүлүмүөт үлэлээбитин курдук үлэлиир. Т. Сметанин
3. Ханна эмэ, ханнык эмэ тэрилтэҕэ сулууспалаа, ханна эмэ туох эрэ эбээһинэһин толор, дьарыктаах буол. Работать, иметь какое-л. занятие, служить где-л. Кини сэрии буолуон иннинэ сэбиэт кулуубугар үлэлээбитэ. Суорун Омоллоон
Үгүс сылларга буостаҕа үлэлээбитим. Н. Якутскай
Кыыс …… кыһынын оҕо саадыгар таҥас сууйааччынан үлэлээбитэ үһүс сыла буолла. Т. Находкина