туохт.
1. Күн уотуттан дьиримнии, дьэргэлдьийэ көһүн. ☉ Отражая солнечные лучи, играть, пестреть бликами (о какой-л. поверхности - напр., воды)
Арыытааҕы алаас хампа отторо бастыҥалаах төбөлөрүн көтөҕөн, көмүс симэх курдук ирбэнньиктийэ оонньууллар. Суорун Омоллоон
Кыһыл көмүс ытарҕатын иэмэҕэ ирбэнньиктийэ оонньоон өссө ордук тупсарда. М. Доҕордуурап
2. Биир күдьүс долгулдьуйан, күөгэлдьийэн көһүн; иримнээн-дьиримнээн көһүн (хол., киһи хараҕа иирдэҕинэ). ☉ Казаться плавно движущимся, мягко колыхающимся; рябить в глазах (напр., от усталости)
Кини хараҕа ирбэнньиктийэн барда, Устин силбэһэ үүммүт хаастарын, кини төгүрүк, тоҕо эрэ ньалбайан барбыт сирэйин тугу да көрбөт кэриэтэ буолбут хараҕынан мүнүүтэ холобурдаах одуулаата. М. Шолохов (тылб.)
Якутский → Якутский
ирбэнньиктий
Еще переводы: