аат., поэт. Хоһоон. ☉ Стихотворение, стих
Альбом аахтаран аймаатылар, Истиих этитэн ииртилэр, Күпүлүөт суруттаран кутукунаттылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Бэл диэтэр, биэс саастаах бэдиктиин Бу манна Куостаны билэллэр, Үөрэххэ ыҥырар истиихтиин Үөлээннээх доҕордуу үүнэллэр. Эллэй
Истиҥ, итии эҕэрдэбин Иэйэн туран этэрбин, Истиихпинэн тиэрдэбин. Күннүк Уурастыырап