аат., атаах., фольк. Тойонум, хаһаайыным. ☉ Милый мой хозяин, дорогой мой господин
Эрэллээхэй иччикэйим, Үтүө санаалаах Үс хос эргиирдээх Ньыгыл таас оройгор Долоҕойдоон тохтотон, Таба түһэрэн, Истэн сэҥээр эрэ. П. Ядрихинскай
Тойон иччикэйим, Мин эйиэхэ аналлаах ат сылгы буолан Уоттаах Дьөһөгөйтөн айыллыбытым. Ньургун Боотур
Итиччэтигэр эн, Иччикэйим оҕото, Хабан ылан, Быһа тутан, Быһаҕаһын истэригэр иһэрт, Быһаҕаһын тастарыгар аҕыныахтаа! П. Ядрихинскай