Якутские буквы:

Якутский → Русский

иэхэй-чуохай

межд. выражает радость, восторг, восхищение.

Якутский → Якутский

иэхэй-чуохай

саҥа алл. Олус күүстээх үөрүүнү-көтүүнү, сөҕүүнү-махтайыыны көрдөрөр. Выражает бурную радость, восторг, восхищение
Көрөөччүлэр дьэ эбии Күлүү-салыы, сэтэрии: «Иэхэйчуохай!» - дэстилэр, Илин-кэлин түстүлэр. С. Данилов
Илин өттүлэринэн Илбис кыыһа Иирэр Чуураабыкы удаҕан Иэхэй-чуохай диэмэхтээтэ. Күннүк Уурастыырап
Дьэ, онтон улуу оһуокай Саҕаланна эбээт, доҕоор, Эдэр-эмэн: - Иэхэй-чуохай! - Этэн, онно холбоһоллор. Эрилик Эристиин
Иэхэй-чуохай, Күммүт тыкта! Иэхэй-чуохай, Уотун ыста! «ХС»


Еще переводы:

иэхэйдээ-чуохайдаа

иэхэйдээ-чуохайдаа (Якутский → Якутский)

туохт. «Иэхэй-чуохай» дии-диигин үөрүүгүн-көтүүгүн, сөҕүүгүн-махтайыыгын биллэр. Выражать восторг, бурную радость, восхищение возгласом «иэхэй-чуохай»
Илин-арҕаа халлаан Икки ардынан иэхэйдээн-чуохайдаан, Иирэн-битийэн, этэ дьиэһийэн Эрэр ахан эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Хайҕахтаах хара быарын, үллэр бүөрүн, сиһин үөһүн …… логлу харбаан ылан иэхэйдээн-чуохайдаан, иирэ дьиэһийэн, этэн-тыынан, тус хоту халлаан чупчурҕаннаах бэлэһин диэки …… супту көтөн суубурҕата турбута үһү. Күннүк Уурастыырап

иһиллэхтэн

иһиллэхтэн (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Илииҥ-атаҕыҥ босхо барбыт курдук хамсан; кыыһырбыт курдук быраҕаттан. Двигаться чересчур энергично, возбужденно; делать резкие движения
Икки хараҕын дьүккэтэ уоһах курдук араҕас эмээхсин, балаҕантан иһиллэхтэнэн тахсан, ол-бу диэки одуулаат төттөрү түһэр. И. Гоголев
Салгын куттарын салытыннаран, ийэ куттарын иэритэн, эрэйдэрин-муҥнарын көрөн, иэхэй-чуохай диэн иһиллэхтэнэр Илиэһий уола эбит. Д. Апросимов