Якутские буквы:

Якутский → Якутский

иҥ-бат

иҥмэт-баппат - киһини кытта сатаан тапсыбат; хадаар. Неуживчивый, несговорчивый
Аанньа билбэт киһи омос саныаҕар иҥмэт-баппат, ыган-түүрэйдээн да барыах айылаах хабыр-хаҥыл бартыһаанныы майгытын ыһыктыбакка аттаныах чинчилээх кырдьаҕас ис-иһигэр киирдэххэ киһи үтүө тылын ылынымтыата, үөрэххэ, сайдыыга сүрэҕинэн-быарынан тардыһара олус арылхайдык, итэҕэтиилээхтик арыллар. ФЕВ УТУ
Бытархай бурсууйтан тахсыбыт иҥмэт-баппат сорох дьон М.К. Аммосовы абааһы көрөннөр мэһэйдээн эрэйдииллэр. «ХС»; иҥэ-бата сатаан - 1) тугу да гынара суох буолан. От безделья, от нечего делать
Дьиэҕэ хаайтаран олороҕун, ол иһин, иҥэ-бата сатаан эҥин-араас буолаҕын... «ХС»; 2) бара-кэлэ сатаан, кыһалҕаттан, ыксаан. Не имея другого выхода
Сүрдээх дьахтар, иҥэ-бата сатаан, ити кырдьаҕас түөкүҥҥэ эргэ тахсыбыта. А. Сыромятникова; иҥэн-батан сылдьыбат (олорбот) - сүгүн буолан сылдьыбат (олорбот). Спокойно, тихо, смирно не может (жить, сидеть, ходить и т. д.)
Икки ааттаахтар Иҥэн-батан сылдьыахтара суоҕа. П. Ойуунускай
Тугун сүрэй тылыҥ-өһүн, атыыһыт ама киһи! - Даайыс иҥэн-батан олорбото. А. Сыромятникова

Якутский → Русский

иҥ-бат=

1) умещаться, вмещаться; 2) употр. чаще в отриц. оборотах уживаться; ханна да иҥэн-батан сылдьыбат он нигде не уживается.


Еще переводы:

тууллай

тууллай (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Тугу эмэ сөбүлээбэккэ кыыһыран, өрө сүгүллэн тур. Надуться, напрячься всем телом от гнева
«Эн балыйсар быһыылааххын», — Тооко кыыһыран тууллайан турда. Болот Боотур
Хаппытыан илиниэйкэни өрө туппутунан туохха да иҥмэтэх-баппатах курдук тууллайа сырытта. А. Сыромятникова
Кини, дьиэҕэ киирэн, тутуллан турар сырҕан эһэ курдук саба түһээри хаста да тууллайан мөҕүстэ. М. Доҕордуурап