Якутские буквы:

Якутский → Якутский

иһирэхтээ

туохт. Тугу эмэ кистээн (дьон көрбөтүнэн) оҥор (дэҥҥэ тут-лар). Делать что-л. тайно, под секретом (редко употр.)
Иһирэхтээн аһатта. ПЭК СЯЯ
Иһирэхтээн ыйытара. ПЭК СЯЯ
Иирсибит истэрин Иһирэхтээн иһиттэххэ, Буоһата суох боруок буолла, Аччыгый да аймааһыны тарта. А. Софронов
Илиэһэй уола Имньим сылдьан, Испииринэн эмсэхтэнэн, Иититтэн-саҕатыттан тахса, Иирдэ-кутурда диэн Истиҥ-тастыҥ доҕотторум Иһирэхтии этэргитин истэбин. А. Софронов. Тэҥн. иһирэҕэлээ


Еще переводы:

иһирэҕэлээ

иһирэҕэлээ (Якутский → Якутский)

туохт. Биллибэтинэн-көстүбэтинэн тугу эмэ гын (дэҥҥэ тут-лар). Делать что-л. тайком, не на виду, скрытно (редко употр.)
Иһирэҕэлээн кэпсэттэ. ПЭК СЯЯ
«Туохтан холбураатаҕай [оҕус] күөх сайыҥҥа, ама? Эрээдэрбит дуо?» - Кулуба оргууй атыттан аллара намтаан, эйэдэмнээхтик иһирэҕэлээн ыйытта. А. Сыромятникова. Тэҥн. иһирэхтээ