сов., однокр. 1. (взнак приветствия, согласия) тоҥхох гын; 2. (указывая на кого--что-л.) төбөҕүнэн ыйан кэбис.
Русский → Якутский
кивнуть
Еще переводы:
хоҥкус (Якутский → Русский)
хоҥкус гын = однокр. от хоҥкуй = качнуть чём-л.; кивнуть; төбөтүн хоҥкус гыннарда он кивнул головой.
үөкэк гын (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт. Төбөҕүн көнөтүк, моонньугун уһаты туттан баран, инниҥ диэки дьүккүк гын. ☉ Вытянув шею, качнуть головой вперёд, кивнуть
Сиргэ силлии истэ: Үөкэк гынан өҕүйбүтэ Үтүө аһа түстэ. И. Чаҕылҕан
кыҥнах гын (Якутский → Якутский)
туохт. Дорооболоһон эбэтэр туохха эмэ сөбүлэһэргин, тугу эмэ ыйаргын биллэрэн төбөҕүн кыҥначчы туттан ыл. ☉ Кивнуть головой кому-л. в знак приветствия, согласия или указывая на кого-что-л.
Баһын кыҥнах гыннаран «Сулуусай» суукка барда, Баһын кыҥнах гыннаран, Дорообоҕо хардарда. Күннүк Уурастыырап
Барыах диэн бэлиэ биэрэн аан диэки кыҥнах гынна. М. Доҕордуурап
Балык собуотун дириэктэрэ кыырыктыйбыт бэскилээх, сонос соҕус киһи олор диэн кыҥнах гынан кэбистэ. Дьолбут к.
тоҥхос гын (Якутский → Якутский)
- тоҥхой диэнтэн көстө түһүү. Сиргэ түспүт бэргэһэбин тоҥхос гынан ыла оҕустум
- Дорооболоһон, бырастыылаһан, сөбүлэһэн төбөҕүн (арыт бүтүн бэйэҕинэн) нөрүс гыннар; сүгүрүйэн ыл. ☉ Кивнуть головой (наклониться) в знак приветствия, прощения, согласия; поклониться
[Павел Павловиһы] Чымаадап ааҥҥа диэри атааран, тоҥхос гынан баран, кэбиниэтигэр киирэр. Суорун Омоллоон
Салбаныкы Сүөдэр кинээс диэки хайыһан баран, сүгүрүйэн тоҥхос гынна. М. Доҕордуурап
Тайҕа уола сөбүлэспитин биллэрэн, тоҥхос гыммыт. Саха сэһ. 1977
тоҥхох гын (Якутский → Якутский)
туохт. Төбөҕүн нөрүс гыннар, төҥкөйөн ыл. ☉ Сделать кивок головой, наклониться
Турааҕа тоҥхох гынна. П. Ойуунускай
Утуктаан тоҥхох гынан ыла-ыла, уутун үргүтээри гыммыттыы, ол-бу диэки көрөн ылаарыҥныыр. Суорун Омоллоон
Ийэтэ, сибэккини үргээн эрэрдии, тоҥхох гынар. В. Гаврильева
△ Сөбүлээн, сөбүлэһэн, дорооболоһон, баскын нөрүс гыннар; төҥкөйөн ыл. ☉ Кивнуть головой в знак одобрения, здороваясь с кем-л.; слегка поклониться
Хорохоот Сүөдэс Сүөдэр көтөн түһэр, бэргэһэтин устан тоҥхох гынар. П. Ойуунускай
Аҕата бэргэһэтин устан баран, курданарыгар диэри тоҥхох гынна. Суорун Омоллоон
Куонаан оҕонньор сөбүлэһэн, саҥата суох төбөтүн тоҥхох гынан кэбистэ. Н. Заболоцкай