туохт. Төбөҕүн нөрүс гыннар, төҥкөйөн ыл. ☉ Сделать кивок головой, наклониться
Турааҕа тоҥхох гынна. П. Ойуунускай
Утуктаан тоҥхох гынан ыла-ыла, уутун үргүтээри гыммыттыы, ол-бу диэки көрөн ылаарыҥныыр. Суорун Омоллоон
Ийэтэ, сибэккини үргээн эрэрдии, тоҥхох гынар. В. Гаврильева
△ Сөбүлээн, сөбүлэһэн, дорооболоһон, баскын нөрүс гыннар; төҥкөйөн ыл. ☉ Кивнуть головой в знак одобрения, здороваясь с кем-л.; слегка поклониться
Хорохоот Сүөдэс Сүөдэр көтөн түһэр, бэргэһэтин устан тоҥхох гынар. П. Ойуунускай
Аҕата бэргэһэтин устан баран, курданарыгар диэри тоҥхох гынна. Суорун Омоллоон
Куонаан оҕонньор сөбүлэһэн, саҥата суох төбөтүн тоҥхох гынан кэбистэ. Н. Заболоцкай