даҕ., кэпс. Тугу да ылыммат, билиммэт. ☉ Относящийся ко всему с недоверием, делающий все посвоему Килэпээй киһини кытта тугу да сатаан быһаарсыбаккын. — Арааһа, оннук килэпээй киһиэхэ Абааһы баарын биллэрдэҕэ.И. Баишев
сыһ.суолт. Мээнэ, түбэһиэх. ☉ Без разбора, как попало Уол тугу да аахпатар да, килэпээй эппиэттэһэн барда. — Вера, тугу да булан этэрэ суох буолан, килэпээй симсэн көрбүтэ.«ХС»
аат суолт. Кимиэхэ, туохха да иннин биэрбэт киһи. ☉ Крайне несговорчивый человек Килэпээй туохха да иннин биэрбэт. — Ити килэпээй ону сөбүлэспит.Күннүк Уурастыырап