даҕ.
1. Уруу-аймах, чугас дьонноругар тардыһар, кинилэргэ убаммыт, кинилэри ытыктыыр, таптыыр. ☉ Привязанный к своим родственникам, близким, уважающий, любящий их
Ити үгэстэр [хотугу дойду олохтоохторун үтүө үгэстэрэ] дьону бэйэ-бэйэлэригэр ыга тардан, ордук иллээх, күндүһүт, мааныһыт, дьонумсах оҥороллор. Н. Якутскай
Киһи сааһырдаҕына дойдумсах, дьонумсах буолар диэччилэр. Софр. Данилов
2. Эр дьону сөбүлүүр; эр дьоҥҥо аҕаамах, чэпчэки (дьахтар туһунан). ☉ Любвеобильная; льнущая к мужчинам, легкого поведения (женщина)
[Суоһалдьыйа Толбонноох] саатын уйбакка, киһимсэх бэйэтэ киһиттэн кистэнэн, дьонумсах бэйэтэ дьонтон күрэнэн, оронун атаҕар суһуоҕунан моҥнон өлбүтэ үһү. П. Ойуунускай