гл
силимниир
Русский → Якутский
клеит
клеить
несов. что силимнээ, сыһыар.
Еще переводы:
силимнээ= (Якутский → Русский)
заклеивать, клеить; конверы силимнээ = заклеить конверт.
килиэйдээ (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Тугу эмэ силиминэн сот; тугу эмэ ханна эмэ сыһыар. ☉ Намазать что-л. клеем; клеить, приклеить что-л. к чему-л. [Оҕолор] эргэ кинигэлэри өрөмүөннээн, тастаан, килиэйдээн, тигэн ааттарын суруйан кэбистилэр. ЧКС ЫаЫЫ
Таня били Слепцовка суруйбут суругун чымадааныттан ылан килиэйдээн баран Зинаидаҕа биэрдэ. К. Симонов (тылб.)
2. кэпс. Улаханнык, уһуннук мөх, саатырт; баһааҕырт. ☉ Сильно, долго ругать, стыдить; клеймить
Сүрдээх табаарыс! Наар төттөрү киһи. Улахан актыып мунньаҕын аайы биһигини килиэйдээн тахсар. Н. Лугинов
Сүгүн буолбат өттүлэрин — уол буоллун, кыыс буоллун — килиэйдии түһэн биэриэх баар этэ. В. Яковлев
Лөскүөс Ньукулаас, миигин ыстарааптатан, хаһыаттатан сирэйбин килиэйдээн абыранан сылдьаҕын дуу?! Ф. Филиппов
силимнээ (Якутский → Якутский)
туохт. Сыһыар, килиэйдээ. ☉ Клеить, заклеивать
[Сэмэн] суруйбут суругун бүк тутан кэмбиэргэ укта, силимнээтэ. Н. Якутскай
Римҥэ айыллыбыт бетон тааһы тааска бөҕөтүк силимниирэ. КФП БАаДИ
Силимнээн баран биир чаас устата духуопкаҕа уган туруордахха абырах быдан бөҕөргүүр. ДьБ
◊ Сири силимниир ардах — тоҥоруон иннинэ түһэр күһүҥҥү өлгөм ардах. ☉ Осенний дождь, выпадающий перед холодами
Сирбитин силимниир күһүҥҥү сис ардах Күннэри-түүннэри курулуу кутуллар. А. Бэрияк
Сири силимниир ардахтаах сипсиэр тыал, тымныы биһигини …… эмнэр эмэн киирэн истэ. Н. Заболоцкай
Кинилэр [кырдьаҕастар] дьыл быйыл хайаан да үчүгэй буолуо, күһүн сири силимниир бэрт үчүгэй ардах түспүтэ …… диэн билгэлииллэр. Н. Апросимов
ыпсар (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Икки аҥыы тустуспа сылдьар тугу эмэ бэйэ-бэйэлэригэр ыга сыстыһар гына оҥор эбэтэр эпсэри сыһыартаан холбоо. ☉ Плотно подогнать, приладить, чтобы одно к другому подходило по размеру
Ууруллубут эркини ыпсаран, улахан, үөл сүллүгэһинэн саайан биллиргэтэллэр. Д. Таас
Ыпсыытын үчүгэйдик ыпсаран, сыыптаан, муохтаан оҥоһуллар быһыт ампаар тирэҕин маһын суон бэрэбинэлэртэн бэлэмнээтилэр. М. Доҕордуурап
Маннык улахан иһити сиик өппөт, уу тэстибэт гына ыпсаран, тигэн, ыаһаан оҥорорго улахан сатабыл, уран тарбах наада. НБФ-МУу СОБ
2. көсп. Хомоҕойдук, лоп-бааччы сааһылаан, өйдөнөр гына саҥар, хоһуй, кэпсээ. ☉ Говорить, рассказывать складно, образно, выразительно, воспевать
Саха киһитэ кутун-сүрүн туттарбыт, ырыатыгар ыпсарбыт, хоһоонугар холбообут өрүһэ — улуу Өлүөнэ. Н. Якутскай
Биһиэхэ, сахаларга даҕаны араас итэҕэһи-быһаҕаһы көр-күлүү оҥорон сатаан ыпсаран кэпсиир дьоннор бааллар. ПП ЭЭД
Оҕо тыллары сөпкө сааһылаан, ыпсаран бэйэтэ этии оҥоруутугар ыарырҕатар. ОМЕ БМЫ
3. көсп., кэпс. Кимнээҕи эмэ бииргэ ыҥыран көрсүһүннэр, булсуһуннар, билсиһиннэр. ☉ Свести, познакомить кого-л. с кем-л., помочь кому-л. встретиться или сойтись
Уруурҕаһыннарбыт улуу-дьаалы буолан, Урууга угуйуллар; Ыпсарбыт ытык киһи буолан, Ыҥырыыга сылдьар. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Омуннаах Уйбаан:] Мин эн тускун Бүөтүрү кытта сүбэлэстим. Сатанар буоллаҕына кини ыпсарыах буолла. Н. Неустроев
4. көсп. Тугу эмэ оннун-олоҕун буллар, сиһилээн быһаар, ситимнээн саассааһынан оҥор. ☉ Положительно решить какое-л. предприятие, дело, добиться его благополучного исхода, благополучно довести всё до логического завершения
Наада буолтугар, ыгылыйбакка туран барытын быһааран, орун-оннун буллартаан, ыпсаран кэбиспитэ. В. Яковлев
[Микииппэр] Ылсыбыт дьыалатын ыпсаран баран биирдэ тэйэр, киһи киэнэ киргиллээҕэ. Күндэ
«Үлэҥ боппуруоһун ыпсаран кэбиһиэх. Бостуой санааҥ уларыйа сылдьыа», — диэтэ Иван. Э. Соколов
5. көсп., кэпс. Киһиттэн (кимтэн эмэ) ылбыт иэскин төлөө. ☉ Расплатиться с долгами
[Кулуба:] Дьэ, доҕоор, хайатын даҕаны Бокуруопка ыпсарыаҥ. Эн буолан оттон биэрээ инибин. Н. Неустроев
Икки хонукка мииммиккэр, икки элии атыыр этинэн толунуоҥ. Сааһыҥ тухары сатаан ыпсаран, киһиттэн туһанар буолбут киһигин. Болот Боотур
[Харбаатай:] Бии иэскин хаһан ыпсараҕын? Л. Габышев
♦ Икки хараҥаны ыпсар (силлиһиннэр) көр икки I
Икки хараҥаны ыпсаран үүнээйи эгэлгэтин үүннэрэллэр ахан да онтуларын хомуйааттарын кытары кэлэн былдьыыр кэриэтэ тутан бараллар. Н. Лугинов
Ийэлээх аҕабыт үлэ дии-дии, икки хараҥаны ыпсараллар. П. Аввакумов
Оччолорго үлэһит илии тиийбэт буолан, холкуос үлэтигэр икки хараҥаны ыпсараллара, эр киһи үлэтин бүүс-бүтүннүү үлэлииллэрэ. В. Иванов
ср. хак. чапсыр ‘клеить, склеивать, приклеивать, прилеплять что-л.’