туохт.
1. Аччаан, уостан, куйатыйан ис (туох эрэ ахсаанын, маассатын туһунан). ☉ Становиться меньше, уменьшаться (в количестве, массе)
Бүгүн таһырдьа сылыйан, тумана аҕыйаан, кэм арыый дьэҥкэрдэ. Н. Лугинов
Соҕуруу суол аһыллан биэрбэтэ, хоту, илин, арҕаа да суолларынан сылдьар сөмөлүөттэр аҕыйаан бардылар. Амма Аччыгыйа
[Маабыра:] Бурдукпут аҕыйаан эрэр, бу үлэ күннэригэр сиэн баран уурайыахпыт. А. Софронов
△ Дьадайан, симэлийэн, бүтэноһон ис (хол., баай-дуол туһунан). ☉ Беднеть, истощаться, оскудевать (напр., о богатстве)
Көстөр көмүллүбэт үбэ — Аҥаардас ынах сүөһүтэ, Эрэспиэскэҕэ эриллэн, Нолуокка тутуллан Адьас аҕыйаабыта. А. Софронов
Иккис кууруска сылдьан Люба суруктара улам аҕыйаан, ис хоһоонноро сойдорсойон, тиһэҕэр олох мэлийбиттэрэ. Н. Лугинов
2. Күүскүн, кыаххын сүтэрэн, улам мөлтөөн ис. ☉ Терять силы, постепенно ослабевать
Титирээтэҕим аайы чэпчээн иһэбин, өйүм-санаам умуллан эрэр, уот курдук күлүм гына-гына, аҕыйаан, аччаан иһэр. П. Ойуунускай
Иккиэйэх оронтон үөһээтэ түбэспит. Мин буоллахпына, бэйэбинээҕэр үрдүк ороҥҥо ойон тахсыахтааҕар, сиринэн да хаамар кыаҕым аҕыйаан сылдьар кэмим. Амма Аччыгыйа