сыһ. Сэрэнэ соҕус, куттаммыттыы, кумуччу туттан. ☉ Настороженно, с опаской, скованно
Араас сурахтар кэлэллэрэ үксээн, нэһилиэнньэ [бандьыыттартан] дьиксинэр, кумудьими туттар буолла. Д. Токоосоп
[Дьоммут] туох эмэ астаах, кэһиилээх кэлиэхтэрэ. Туга да суох буолан, көҕүс түһэн, куму-дьими туттан киириилэрэ диэн эмиэ баара. С. Федотов
Бастакы сэкирэтээр кэбиниэтигэр сэрэнэ соҕус, куму-дьими туттан киирэн кэлэбин. Айталын