Якутские буквы:

Якутский → Якутский

куохарыма

даҕ. Уһун моойдоох (үксүгэр сэргэ туһунан). Длинношеий (обычно о коновязи)
Куохарыма сэргэлээх. ПЭК СЯЯ
Барык-сүдүк балаҕаннаах, Үлүк-сүлүк үөлэстээх, Куохарыма сэргэлээх — Арсан Дуолай тойон АанДьааһын хотун диэн бааллар эбит. Суорун Омоллоон


Еще переводы:

үлүк

үлүк (Якутский → Якутский)

I
үлүк буолбут — кырдьан олус мөлтөөбүт, өлөрө чугаһаабыт. Дряхлый от старости
Үлүк буолбут киһи. ПЭК СЯЯ
Дьэ, Айталыынкуо …… Уолун баран үлүк буолан Хаалбыт эһэтиттэн Булан ылан тус хоту диэки Илдьэ баран истэ. А-ИМН ОЫЭБЫ
II
үлүк-сүлүк — чуолкай көстүбэт курдук хара, хараҥа. Чёрный, тёмный
Үлүк-сүлүк үөлэс. ПЭК СЯЯ
Хаан Дьаргыстай Арсын Дуолай дьиэтин таһыгар курулаан тиийэн кэлэн, дьиэтин үрдүн оройунан, үлүк-сүлүк үөлэһинэн дьөлө түһэн, состуогар кэлэн хорос гына анньылла түстэ. ПЭК ОНЛЯ II
Барык-бүдүк балаҕаннаах, Үлүк-сүлүк үөлэстээх, Куохарыма сэргэлээх, Таһылыма чааскылаах. Суорун Омоллоон