Якутские буквы:

Якутский → Якутский

купаайка

аат. Ырбаахы таһынан кэтиллэр чараас кууркатыҥы эбэтэр өрүү таҥас. Фуфайка
Киниэхэ [Курилга] эрэ баар маҥан американскай купаайката кини киппэ, үскэл этин-сиинин киэптии ыга ыла сылдьар. С. Курилов (тылб.)


Еще переводы:

халтаҥ

халтаҥ (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Иһинэн халыҥатыыта суох, иһэ суох, чараас (хол., таҥнар таҥас). Без утепления, тёплой подкладки, тонкий (напр., об одежде)
Буурҕалаах тымныы күн халтаҥ таҥастаах хатыҥыр эдэр киһи тиэтэйэн хааман иһэрэ. Софр. Данилов
«Бэ-э эрэ!» — халтаҥ арбаҕастаах киһи түргэн-түргэнник хабдьыгыраан барар. Н. Якутскай
Махсыын эрэйдээх суут иннигэр халтаҥ купаайкатын тэллэҕэ илибирии тураахтаата. А. Бэрияк
2. Көбө суох, убаҕас түүлээх. С негустым мехом. Солоҥдо түүтэ халтаҥ
Бэстэртэн бэстэргэ халтаҥ тииҥ ойуолуур. Л. Попов
3. Тараҕай, халчаҕай. Имеющий лысину, лысый
«Ким уоттаабыт сорой?» — Тараҕай Яков халтаҥ төбөтүн тарбанна. М. Доҕордуурап
Ытыһынан халтаҥ төбөтүн имэриммэхтиир. «ХС»
4. Баттаҕа суох, үүнэ илик (оҕону этэргэ). Без волос (о ребёнке), с лысиной
«Хайа, бу киһи кэлбит эбит дуу?» — сиэнин халтаҥ төбөтүн имэрийбитэ. Далан
Сиэнин халтаҥ төбөтүттэн имэрийбитэ, сыллаан ылбыта. «ХС»
5. Таҥаһа суох, сыгынньах. Без одежды, голый, нагой. Муот киһи муҥа суох, халтаҥ киһи хабаана суох (өс хоһ.)
6. Ото-маһа, үүнээйитэ суох эбэтэр мөлтөх үүнээйилээх. С мелкой растительностью или лишённый растительности, голый
Халтаҥ да буоллар — дойдум буоллаҕа (өс хоһ.). Эмиэ хаарбыт хараарда, Халтаҥ сирбит таҕыста. Күннүк Уурастыырап
Сүөһүбүт халдьаайылар халтаҥ буордарыгар онон-манан абыр-табыр үүммүт тимир эрбэһиннэри кирэ сатыы сылдьаллар. Амма Аччыгыйа
Тула өттө барыта сыгынньах, халтаҥ сир. Н. Заболоцкай
Халыҥа суох, чараас (хаары этэргэ). Со скудными осадками, неглубокий (о снеге). Кыһын хаар олус халтаҥ буоллаҕына, үгэс курдук ол дьыл тымныы кыһын буолар. «Саха с.»
Халтаҥ сон — саас, күһүн кэтиллэр чараас сон. Демисезонное пальто
[Коля] эҥээрдэринэн илдьирийбит халтаҥ сонун ыйаан баран, кыбылла-кыбылла биллэриккэ киирэн олордо. Эрилик Эристиин
Борокуоппай …… элбэх сиринэн тааппарай абырахтаах халтаҥ сонун кэтэр. А. Бэрияк
Киһибит сэлээппэтин, халтаҥ сонун үөһэ түстэ, күлүгэ хоһу тула элэҥнээтэ. Н. Габышев
Халтаҥ таас — тараҕай таас диэн курдук (көр таас I). Көрдүҥ дуо халтаҥ таас хайаны? И. Артамонов
Харах дала ыларын тухары халтаҥ таас, кумах үрдэллэрдээх хонуу бара турар. Умнуллубат к.
ср. монг., тюрк., маньчж. халзан, калдьан ‘лысина, залысина; лысый, плешивый’