I
хаптаҥнаа диэнтэн холб. туһ. Ити билигин мин үрдүбэр чохчоҥнооччулар сотору миэхэ ньылаҥнаан, атаҕым тумсугар хаптаҥнаһыахтара. Софр. Данилов
Былыр киһи тэҥинэн эрдэххэ, наадаларыгар хаптаҥнаһаллара бэрдэ. Н. Лугинов
Ол аайы куттах ууга хаптаҥнас буолан истэ. Н. Заболоцкай. Буурҕа бөҕө түстэ, буор бөҕө будулуйда, мас-от бииргэм хаптаҥнас буолла. Уот ч.
II
даҕ. Кимиэхэ эмэ илин-кэлин түһэр, ньылаҥныыр идэлээх. ☉ Угодливый, льстивый, подобострастный
Тээллэриис, урукку бырааба дьиэтигэр чугаһаат, уларыйда, хаптаҥнас, ньылаарыҥнас. И. Гоголев
Дантес эрэ эйигин ыппатаҕа, Ыппыта эйигин кистии-уора Бардам ыраахтааҕы далаҕа, Ыппыттара бары хаптаҥнас кулуттара. «Кыым»