Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кэпиир

аат. Ынах үүтүн анал тэллэйинэн аһытан, көөнньөрөн оҥоһуллубут иҥэмтэлээх хойуу үүт аһылык. Кефир. Оҕоҕор кэпиирдэ иһэт


Еще переводы:

ньиксиҥнээ

ньиксиҥнээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Ыараханнык атыллаталаан, иҥнэҥнээн аргыый соҕус сыҕарый, хамсаа, хаамп. Двигаться тихо и медленно, размеренно переваливаясь с ноги на ногу
Саша кэтэҕин имэринэ-имэринэ хааман ньиксиҥнээн кэлэн хат оннун булан, Пинчугунаан кэмниэ-кэнэҕэс уочараттарыгар тиийбиттэрэ, аны кэпиирдэрэ бүтэн хаалбыт, үүттэрэ ордубут. «ХС»

киинэ

киинэ (Якутский → Якутский)

аат.
1. Анал экирээҥҥэ хамсыыр хартыынаны дьиҥнээх олох курдук көрдөрөр айымньы. Кинофильм
Киэһэ киинэ көрөөччүлэр, Кэпиир сыыһа иһээччилэр. Күннүк Уурастыырап
Дьэ иккиэн бииргэ киинэттэн Чапаевы билбиппит. П. Тобуруокап
Киэһэ хойут Аркадий, киинэттэн кэлээт, көрүдүөргэ Анфиса эркиҥҥэ сыстан ытыы турарын көрдө. Н. Габышев
2. Олоххо баар түбэлтэлэри, дьону уо. д. а. анал аппараатынан түһэрэн көрдөрөр ускуустуба көрүҥэ. Киноискусство
Култуураны киинэнэн уонна үҥкүүнэн муҥурдуур буоллахха, култуураны тэниппит ахан дойду тураахтаатаҕа. Софр. Данилов
Киинэ ускуустуба эрэ быһыытынан буолбакка, кини пропаганда быһыытынан эмиэ сыаналанар. ПАК КТ
Киинэ аппараата — киинэ көрдөрөргө эбэтэр киинэҕэ уһуларга аналлаах тэрил. Киноаппарат
Киинэтин аппараатын сыана үрдүгэр остуолга уурда. Н. Босиков
Саа оннугар фотоэбэтэр киинэ аппарааттаах ойуурга тахсар любитель-булчуттар ахсааннара элбээн иһэр. ББЕ З. Киинэ артыыһа — киинэҕэ оонньуур артыыс. Киноартист. Кыра эрдэҕинэ киинэ артыыһа буолуон баҕарара. Киинэ биллэрии- тэ — ханнык киинэ хаһан, ханна буоларын туһунан иһитиннэрии. Киноафиша
Фактория ааныгар киэһэ буолуохтаах киинэ биллэриитэ ыйанар. Н. Габышев. Киинэ мэхээнньигэ — анал үөрэхтээх киинэ көрдөрөөччү. Киномеханик
Бу киһи киинэ мэхээнньигин куурсугар киирбэккэ, холкуоһугар быйыл тиргиччи үлэлээбитэ буоллар, өссө үгүс күннээх буолуо эбит. Суорун Омоллоон. Киинэ сурунаала — хайа эмэ түбэлтэ туһунан кэпсиир кылгас киинэ. Киножурнал
Мин космическай хараабыллар космодромтан тахсыыларын киинэ сурунаалыгар көрөбүн. Софр. Данилов. Уус-уран киинэ — олоҕу уобарастаан, айан көрдөрөр киинэ. Художественный фильм
Уус-уран киинэҕэ саха дьахтарын бастакынан киэҥник көрдөрбүт Маргарита Борисова буолар. Б. Павлов