Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кэҥсик-муҥсук

кэҥсик II диэн курдук
Кэҥсик-муҥсук сыттардаах, Кэдьэрэ дьоруо аттардаах, Киллэм-Хаҥалас оҕолоро, Кэккэлээхпин билэннэр кэлбэт-барбат буоллулар. Саха нар. ыр. II
Кэлтэгэй кэскиллээх Кэй бараан дойдутун Кэриэ-хоруо дьүһүннээн, Кэҥсик-муҥсук сыттаан, Кэдэрги киэптээн, Киирэн баран испитэ эбитэ үһү. Күннүк Уурастыырап
Онтон хайдах эрэ кэҥсик-муҥсук, эмиэ даҕаны олус үчүгэй дыргыл сыттар биллэн ааһар буоллулар. Д. Апросимов


Еще переводы:

кэриэ-хоруо

кэриэ-хоруо (Якутский → Якутский)

даҕ. Уот сиэн хараарбыт, тордоҕурбут. Обугленный, почерневший
Кэриэ-хоруо дьүһүннэр буоллулар, кэҥсик-муҥсук сыттар тунуйдулар. Күннүк Уурастыырап

кэдьэрэ

кэдьэрэ (Якутский → Якутский)

кэдьэрэ дьоруо нор. поэз. — икки уҥа эбэтэр икки хаҥас атахтарын түргэн-түргэнник хардары-таары тэҥҥэ ылаттаан, үҥкүүлээн эрэр курдук өрүтэ кэҕийэн айанныыр (ат). Лошадь, которая бежит легко, красиво, грациозно, вынося одновременно то обе левые, то обе правые ноги, иноходец
Кэҥсик-муҥсук сыттардаах, Кэдьэрэ дьоруо аттардаах, Киллэм-Хаҥалас оҕолоро, Кэккэлээхпин билэннэр Кэлбэтбарбат буоллулар. Саха нар. ыр. II
Симэхтээх кыырта маҥан Кэдьэрэ дьоруо атынан, Холкуос кыыһа сүктэн эрэр, Кэмчиэркэйэр, имэ кэйэр. И. Федосеев