аат. Элбэх саҥа-иҥэ, күүгээн-айдаан. ☉ Сильный гомон, громкий шум от множества голосов
Микиитэ өр турда. Айдаан, күйгүөн улам намырыйан истэ. Оһох уота симэлийэн барда. Амма Аччыгыйа
Дьон өрө үөмэхтэһэн айманан бардылар; туох да бэрээдэгэ суох бөлөх-бөлөх үмүөрүһэн, кэпсэтии, күйгүөн буолла. М. Доҕордуурап
Уулусса күйгүөнүгэр, дьон, массыына аалыҥнаһыытыгар кыһаллыбакка, Мэлэхсин куорат таһын диэки түһэн истэ. М. Ефимов
◊ Күйгүөн хара холорук фольк. — олус күүстээх, тыастаах-уустаах холорук. ☉ Огромный смерч, сметающий все вокруг, сопровождаемый сильным грохотом
Онуоха ол дьон аттара бии дьону күйгүөн хара холоругунан сөрөөн илдьэ бардылар. ПЭК ОНЛЯ I
Якутский → Якутский
күйгүөн
айдаан-күйгүөн
көр айдаанкүүгээн
Эмээхсинэ, кыыһа, наһаа элбэх хос ааттаах, айдаан-күйгүөн аргыстаах Хабырыыс уолчаана — бэйэтиниин түөрт киһи саастарын тухары сирдэрэ суох. Амма Аччыгыйа
Еще переводы: