сыһ. Сотору, түргэнник, чугастааҕы кэм иһинэн. ☉ Скоро, в ближайшее время
Борохуот аал Суһал хонугунан, Өтөр күнүнэн, Күнүстэри күллүргэтэн, Киэһэлэри киллиргэтэн, Түүннэри түллүргэтэн [тиийдэ]. Өксөкүлээх Өлөксөй
Иһиччиттэр дьиэлэрин иһигэр Туллукчаан аһыыта өтөр ааспата, ааһыа да суох быһыылаах. Болот Боотур
2. Соторутааҕыта, олус өрдөөҕүтэ суох кэмҥэ. ☉ Недавно, в недалёком прошлом
Чэйдэрин испэккэ эрэ бары матыспакка, ымсыырбыт курдук аһыы олороллорун көрөн баран: «Кырдьык, өтөр бурдук аһы амсайбатах дьон барахсаттар эбит ээ», – дии санаатым. А. Софронов
Киһи өйүн күлүмэх күүһүгэр Ыраах да чугаһыыр алыба баар, Ол иһин өтөр сылдьыбатах дьиэбэр Мин дууһам бу хоһоон суруйар. Н. Босиков
♦ Өтөр үйэлэн — кылгастык олор, эдэр сааска быстах түбэлтэттэн өл. ☉ Уйти из жизни в молодом возрасте
Оҕоҥ аатырдаҕына, Быстах ыйаахтаныа, Суомах оҥоһууланыа, Өтөр үйэлэниэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
ср. др.-тюрк. өтүрү ‘за, после’, монг. үтэр ‘немедленно’