Якутские буквы:

Якутский → Русский

күн-хаан

разг. 1) лихая пора; 2) последний час; смертный час.

Якутский → Якутский

күн-хаан

аат., кэпс.
1. Киһи уйана-хатана биллэр, ыарахан кэм. Лихая пора
«Чэ, күн-хаан тирээтэ быһыылаах, — ийэ барахсан, долгуйбутун кыатана-кыатана, кэргэнигэр этэр. — Балыыһаҕа барыыһыккын». «Кыым»
2. Тиһэх кэм, бүтэһик чаас. Последний час, смертный час
«Доҕоор, чэ, күнхаан кэллэ быһыылаах, быраһаай!» — диэн бырастыыласта. Суорун Омоллоон
Аны бырастыы, талыыкан далаһам, Арахсыһар күн-хаан тирээтэ; Эн сынньан: көмүс иҥэһэҕэр хаһан Үктэнэрим арда кэҥээтэ. А. Пушкин (тылб.)
Күн-хаан кыараата (бүөлээтэ) түөлбэ. — ыксал буолла, өлүү тирээтэ. Наступил последний час, смертный час. Тыыбыт уунан туолан барда, күнхаан кыараата. — «Дьэ, күн-хаан бүөлээтэ да, ханна да барар сирэ суох буолла» дии санаа була турда. Саха фольк.


Еще переводы:

көстүбэтинэн

көстүбэтинэн (Якутский → Якутский)

сыһ. Биллэрбэккэ эрэ, биллибэтинэн. Незаметно, исподтишка
Биллибэтинэн билсиспиттэрэ баар буолла, көстүбэтинэн көрсүспүттэрэ баар буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй
Көхсүттэн тэһииннээх күн хаан улуустара көстүбэтинэн күөмчүлэммиттэрин көмүскүү түстүм. Эрилик Эристиин
Элбиэххэ-үксүөххэ, Илэччи эмиэ элэҥниэххэ, Көстүбэтинэн эмиэ күлүҥнүөххэ. С. Васильев

күөмчүлэн

күөмчүлэн (Якутский → Якутский)

күөмчүлээ диэнтэн атын
туһ. Аан дойду кылгаһыгар Аламай күн тыкпыта, Күөмчүлэммит аймаҕар Көҥүл дьоло күлбүтэ. М. Тимофеев-Терешкин
Көхсүттэн тэһииннээх күн-хаан улуустара көстүбэтинэн күөмчүлэммиттэрин көмүскүү түстүм. Эрилик Эристиин
Баайдар-тойоттор утары Батас-үҥүү туппуккун, Күөмчүлэммит аймаҕы Көмүскээччи буолбуккун. А. Николаев

аамайдаа

аамайдаа (Якутский → Якутский)

туохт. Туох эмэ бэрээдэгин алдьат, күөрэ-лаҥкы түһэр, ыс, бурай. Приводить в беспорядок, перемешивать, перепутывать что-л. [Түөкүн бииһин сэриитэ] Аан ийэ дойдубун Атыйахтаах уу курдук Аамайдаары ааҥнаабыт. Саха нар. ыр. III
Кинилэр [туллуктар] кэбиһиилээх соломону сиэн аамайдыы сылдьар ынахтартан үргэннэр, өрө көтөн сирилээн тахсаллар. И. Никифоров
[Ньургун Боотур — Уот Уһутаакыга:] Күн хаан улуустарын Хааннаах атаххынан аамайдааҥҥын, Көҥүллэрин күөнтээҥҥин, Көмүс уйаларын үлтүрүтэҥҥин, Хаанынан ытаппыт Хара буруйуҥ хардатыгар Күлэкүлэ күллэри көтүтэ Кэлэн турабын мин! Суорун Омоллоон