Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күөппээллээ

туохт., кэпс. Туох да толкуйа, дьалаана суох саҥар эбэтэр тугу эмэ оҥор. Говорить или делать что-л. бездумно, бестолково, нелепо
Никифор Сидорович туох буолбутун өйдөөбөккө, тохтуу түһэн, ол-бу диэки көрбөхтөөн баран, бокуойа суох салгыы саҥаран күөппээллээбитинэн барбыт. В. Яковлев
[Күөх Көппө:] Бэрдэ ол буоллаҕа дии, түөһэлэрбин кытта көххө үлэлээн күөппээллиэхпит. Л. Габышев
«Оттон мин эмиэ киһибин дии», — диэн кэпсээн-ипсээн күөппээллии олорор Багда Байбалы [оҕонньор] быһа түстэ. В. Тарабукин