туохт.
1. Атыттартан итэҕэс тутулун, атаҕастан, абааһы көрүлүн (ким эмэ туһунан). ☉ Быть нелюбимым, пренебрегаемым, презираемым (о ком-л.)
Мин эрэйдээх …… Күл таҥастанан көйгөтүйэн, Буор сырайданан буорайан Буор буола сырыттаҕым ээ. Саха нар. ыр. II
Уһугар тиийэн, улаханнык көйгөтүйбүт уонна ураһа ис хоһун аанын быатынан моҥнон өлөн хаалбыт. БИГ ӨҮөС
2. Аанньа ахтыллыма, күндү курдук көстүмэ, сирилин (туох эмэ туһунан). ☉ Быть попираемым, в опале, не в почете, нелюбимым (о ком-л.); обесцениваться (о чем-л.)
Төһө да дьикти кэрэни, минньигэһи муҥура суох сыҥалаатахха, ол кэрэ, минньигэс көйгөтүйэн барар быһыылаах. Софр. Данилов
Төрөөбүт тылбыт муҥнаах Көйгөтүйдэ быһыылаах... И. Гоголев
Идэһэлээх киһи ким эрэ муннун тоҕо охсон кэбиспит, бука, хаанхааҥҥа: «Мин ынаҕым көхсүн хаана тоҕо көйгөтүйдэ, эн муннуҥ киэнэ тугунан күндүнүй?» — диэтэҕэ буолуо. Н. Заболоцкай
Якутский → Якутский
көйгөтүй
Якутский → Русский
көйгөтүй=
быть нелюбимым, оставаться в загоне.
Еще переводы: