Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көхсүн

даҕ., кэпс. Олус хаала, эргэрэ, алдьана илик (мал); олус кырдьан буорайа илик (киһи). Еще не совсем старый, не совсем ветхий (о вещи); не совсем старый, не совсем дряхлый (о человеке)
Көхсүн сон. Көхсүн оҕонньор. — Кэриэлийиэххэ сатаммат, билигин даҕаны көхсүммүн. «ХС»


Еще переводы:

чөнөт

чөнөт (Якутский → Якутский)

чөнөй диэнтэн дьаһ. туһ. Уол көхсүн чөнөттө

саҥараахтаа

саҥараахтаа (Якутский → Якутский)

саҥар диэнтэн атаах. Бэрт нэһиилэ көхсүн иһигэр саҥараахтаабыта. Дьүөгэ Ааныстыырап

иҥнэҥнээмэхтээ

иҥнэҥнээмэхтээ (Якутский → Якутский)

иҥнэҥнээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Киирэн, онуманы дьиэ эргиннээҕини кэпсэтэ түһэн баран, көхсүн этиппэхтээтэ, олоппоһун хаахынатан тоҕо эрэ дьиппинийэн иҥнэҥнээмэхтээтэ. Софр. Данилов
Дириэктэр иҥнэҥнээмэхтээн ылла, көхсүн этиппэхтээтэ. Г. Угаров

балаадыт

балаадыт (Якутский → Якутский)

балаадый диэнтэн дьаһ
туһ. Киэҥ көхсүн кыаратан, Маҥан күнүн балаадытан, Үрүҥ күнүн өлбөөдүтэн Барбыттааҕым. Өксөкүлээх Өлөксөй

дьөлөрү

дьөлөрү (Якутский → Якутский)

көр дьөлө
Тимир буочука түгэҕин сүгэнэн дьөлөрү оҕуста.  [Өстөөҕү] көхсүн дьөлөрү үктүөхпүт. Эллэй

ломпо

ломпо (Якутский → Якутский)

аат. Илии көхсүн таҥаһа. Шкурка с завязками для защиты от холода тыльной стороны кисти руки.

тоһурҕаппахтаа

тоһурҕаппахтаа (Якутский → Якутский)

тоһурҕат диэнтэн тиэт
көрүҥ. Мэхээлэ Тумууһап тайах маһынан муостаны тоһурҕаппахтаата, хаста да көхсүн этиттэ. Н. Кондаков

сөтөллүтэлээ

сөтөллүтэлээ (Якутский → Якутский)

сөтөлүн диэнтэн төхт
көрүҥ. Сотору Маайыс хайдах эрэ дьүккүс гынна, көхсүн түгэҕиттэн бүтэйдик, түргэн-түргэнник сөтөллүтэлээн ылла. Амма Аччыгыйа
[Ойуунускай] сотору-сотору көхсүн этиппэхтээн, сэрэхтээхтик сөтөллүтэлээн ылыталыыр, тымныырҕаппыт курдук, холбоччу туттубут. ПАО ЫА

торс

торс (Русский → Якутский)

м. 1. көҥдөй көҕүс, киһи көхсө (киһи төбөтө, лабаалара суох аҥардас көхсө); 2. иск. торс (киһи көҥдөй көхсүн скульптурата).

бүгдүт

бүгдүт (Якутский → Якутский)

бүгдүй диэнтэн дьаһ
туһ. Долборуктаах томуйах Туомтаммытын туура тардан Тусаһаҕа таҕыста. Ол тахсан силбиктээн, Көхсүн бүгдүттэ, Кулгааҕын кунньутта. С. Васильев