туохт.
1. Көҥдөйдөөх буол. ☉ Стать полым, заиметь полость, пустоту, дупло
Тиистэрэ бүүс-бүтүннэрэ үһү. Арай бу соторутааҕыттан көҥдөйдөнөн, эрэйдээн эрэллэр эбит. «ЭК». Көҥдөйдөммүт хаххалары өлбүт сэрииһиттэр тоҥ өлүктэринэн бүөлээбиттэрэ. «Ленин с.»
2. Көҥкүнээн иһилин; көҥдөй, киэҥ, аһаҕас дорҕоону таһаар; дорҕооннонон, доргуйан иһилин (киһи саҥатын, куолаһын туһунан). ☉ Говорить басом, басить; громко раздаваться; отдаваться эхом (о звуке, голосе)
Кини сүрдээх модьу көрүҥнээх, көҥдөйдөммүт киэҥ саҥалаах. С. Руфов
Эксээмэн барар буолан оскуолаҕа уу чуумпу. Арай хам-түм оҕолор хааман сурдургуур сэрэх тыастара, төһө да кыратын иһин, кураанах көрүдүөргэ көҥдөйдөнөн балай эмэ дорҕоонноохтук иһиллэр. «ХС»
Якутский → Якутский
көҥдөйдөн
Еще переводы: