Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көөдөй

дьүһ. туохт. Модьу, көнө систээх, улахан истээх буолан көһүн. Бросаться в глаза, выделяться на фоне других людей своим толстым животом и прямой спиной
Суон Бүөтүр илиитин да биэрбэккэ, көөдөйөн тахсан барда. Болот Боотур
[Сайсары:] Үтүө айылаах буоллар эдьиийгэр, уон биир сыл хамначчыттаабытын иһин, ити көөдөйө сытыйбыт Куудай баай бэйэтэ хамнас төлүө этэ... Суорун Омоллоон

Якутский → Русский

көөдөй=

образн. бросаться в глаза своим толстым животом.


Еще переводы:

көөдөҥөлөө

көөдөҥөлөө (Якутский → Якутский)

көөдөй диэнтэн төхт
көрүҥ. Бырааба тумулун арҕаһынан, хоноччу туттан, дьиэтин диэки эрчимнээхтик хааман көөдөҥөлөөтө. Болот Боотур

көөдөҥнөө

көөдөҥнөө (Якутский → Якутский)

көөдөй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Толору сибэккилээх икки корзинаны остуолугар туруорбута уонна …… көөдөҥнөөн тиийэн, аанын хатаан кэбиспитэ. В. Гаврильева

көөдөс гын

көөдөс гын (Якутский → Якутский)

көөдөй диэнтэн көстө түһүү. Көөдөс гына олоро түстэ. Суорун Омоллоон
Эмискэ, хаһан таһаарыллыбыт буор чөмөҕүн кэнниттэн аарыма улахан эһэ көөдөс гына түстэ. «ББ»

көөдөкөччүй

көөдөкөччүй (Якутский → Якутский)

көөдөй диэнтэн субул
көстүү. Уйбаан Сэргиэйэбис кэбиниэттэн хаһан мин содьороҥноон тахсарбын көһүппэккэ, бэйэтэ урут көөдөкөччүйэн тахсан, сэкирэтээргэ тугу эрэ этэн дьабдьалыйда. П. Аввакумов
— Хаһан кэлэллэрий, дьиэлээхтэр? — диэтэ аан диэки көөдөкөччүйэн иһэн. «Чолбон»