Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ласхарый

ласхай диэнтэн хамс
көстүү. Тиэтэйэ-саарайа ласхарыйан, таһырдьа тахсан, олбуор түгэҕин диэки сүүрдэ. А. Софронов


Еще переводы:

дьонноох

дьонноох (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Элбэх аймахтаах, доҕордоох-атастаах, билсиилээх. Имеющий много родных, близких, друзей
Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт, дьонноох киһи өлөн биэрбэт (өс хоһ.). Хайа, эн кэм дойдулаах, дьонноох төрүт киһи буоллаҕыҥ дии, оттон мин эрэйдээх ийэ-аҕа диэни билбэтэҕим, киһини билиэхпиттэн ыал устун сылдьан иитиллибитим. Күндэ
Сүөһүлээхпин, дьонноохпун диэн баччааҥҥа диэри быган көрбөтө. Р. Кулаковскай
2. Киһилээх; киһи олорор. Имеющий в наличии людей; заселенный людьми
Үлэлии олорор дьоннордоох остуоллары быыстарынан, тиэтэйэ-саарайа ласхарыйан, таһырдьа тахсан, олбуор түгэҕин диэки сүүрдэ. А. Софронов
Таалар налыы хонуулаах, Талба нарын талахтаах, Ыллыыр ымыы чыычаахтаах, Ырыаһыт ыллам дьонноох Таатта эбэ хотун. П. Ойуунускай
Ол хайыһарынан мин дьонноох сири булуом. Амма Аччыгыйа

кэнэйдээ

кэнэйдээ (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс.
1. Анньыалаа, кэбиэлээ. Толкать, пихать
Миигин саа луоһунан кэнэйдээн …… эмиэ доппуруоска киллэрбиттэрэ. Н. Габышев
Оҕолоро, кэргэнэ көрөн турдахтарына үлтү кэнэйдээн көрүдүөргэ умса анньан кэбистэ. Г. Колесов
Кыра, ласхарыйбыт Деревянов диэн нуучча эписиэригэр умса кэнэйдээн киллэрбиттэригэр Ньылаарыс өссө эбии куттаммыта. И. Федосеев
2. көсп. Кими эмэ тугунан эмэ буруйдаан, ону сирэй-харах анньан саҥар, мөхэт. Обвиняя кого-л. в чем-л., осыпать его упреками, ругать, бранить
Кэргэнин бырахпытын иһин кэнэйдээтилэр биир эр бэрдин. С. Руфов
Миигин сылгыһыппыттан ууратан баран, субан сүөһүнү улаатыннарбатыҥ, уоппатыҥ диэн быһа кэнэйдии сылдьар. В. Протодьяконов
Пиэрмэ сэбиэдиссэйэ Үрүкчээнэп үҥсүү түһэрбит этэ. Степа эрэйдээҕи бары кэнэйдээн ахан биэрдилэр. А. Кривошапкин (тылб.)