I
туохт. Тугу эмэ тугунан эмэ үрүт-үөһэ тыастаахтык күүскэ кэбиэлээ, тиҥилэхтээ. ☉ Сильно, энергично стучать чем-л. по чему-л. сверху (напр., но гами по полу)
Онтон муусука тыаһаата, ким эрэ үҥкүүлээн лиһийдэ. Болот Боотур
Ол буруо быыһыттан биир тыраахтар лиһийэн-лаһыйан нэһиилэ та һырдьаны булла. «Кыым». Тэҥн. лиҥсий
II
дьүһ. туохт. Олус ыарахан ыйааһыннаах, модороон оҥоһуулаах буол (үксүгэр туттар тэрили этиллэр). ☉ Быть очень тяжёлым, топорным (обычно об орудиях труда)
Лиһийэн түһэн, олус ыарахан устуул. Ким эрэ туутун оруоҕа, Киирбит балыгын хостуоҕа. Өрүс балыга лиһийэн Өрүтэ мөхсүө иэнинэн. А. Бродников
◊ Лиһий курдук — олус ыарахан, ыйааһыннаах. ☉ Имеющий большой вес, тяжеловесный (обычно о предметах обихода)
Нарыйа …… лиһий курдук соболору ылан ыараҥнатан көрбөхтөөтө. В. Яковлев
Лиһий курдук халыҥ мас муосталаах, хас да сылтан бэттэх испиэскэлэммэтэх билиитэ оһохтоох дьиэҕэ киирдилэр. «ХС»
Якутский → Якутский
лиһий
Еще переводы: