Якутские буквы:

Якутский → Якутский

лоҕуй

I
туохт. Ыараханынан лигийэн сим, чиҥэт (хол., буо ру). Уплотнять, утрамбовывать чем-л. тяжёлым (напр., землю).
Лоҕуйар лох түөртүгэн фольк. — олоҥхоҕо Аллараа дойдуну ойуулаан этии. Образное изображение преисподней в эпосе. [Өһөх Харбыыр:] Алдьархайдаах Аллараа дойду Аҕыс Чамчааһыннаах Атыйатын арыйа баттаан, Ү л ү с к э ннээх үс үтүмэҕин Үрэйэ охсон тахсаммын, Лоҕуйар лох түөртүгэн Тоҕус сындыыстаах сэттэ дьиппиэһинин Тэлэйэ тэбэн тахсаммын, Улдьааран уһаатаҕым буолуо… П
О й у у н у с к а й. Баҕар, А.П. Окладников суруйарын курдук, лоҕуйар лох түөртүгэн буору чиҥэтиигэ туттулла сылдьыбыт бааһына тэриэбэтэ эбитэ буолуо. ЕВФ УуДК
ср. осм. лоҕ ‘каменная цилиндрическая утрамбовка’
II
даҕ., кэпс. Халыҥ, ыарахан (ордук иһити этиллэр). Толстостенный, тяжёлый (в основном о посуде)
Киһи лоҕуй чаанньыгар уу кутан, үөттүрэҕинэн саҥардыы кытара сатаан эрэр чохтору чөмөхтөөтө. Р. Кулаковскай


Еще переводы:

лох

лох (Якутский → Якутский)

лоҕуйар лох түөртүгэн көр лоҕуй I

эргичиҥнэппэхтээ

эргичиҥнэппэхтээ (Якутский → Якутский)

эргичиҥнээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Төбөтүн эргичиҥнэппэхтээн баран, кими да кыайан быһааран көрбөтө. Амма Аччыгыйа
Киһи уулаах лоҕуй чаанньыгы чоххо олордон, олоҕун булларан баттыалаамахтаан, эргичиҥнэппэхтээн ылла. Р. Кулаковскай

үлүтүү

үлүтүү (Якутский → Якутский)

үлүт диэнтэн хай
аата. Уулаах [киһи аата] атаҕын үлүтэн, быйыл кыһыны быһа сыппытын туһунан суланан кэпсээтэ. Ол үлүтүүгэ буруйдааҕынан Лоҕуй буолбутун эттэ. Эрилик Эристиин
Тыйыс кыһын үлүтүүтүн Ааспыт саас солбуйдун. Эллэй
Үүт аҕыйааһынын биир биричиинэтинэн кыһын ынах синньин үлүтүүтэ буолар. ҮБНьТ