Якутские буквы:

Якутский → Якутский

лэбээр

I
туохт., кэпс. Үрүт-үөһэ биири эбэтэр мээнэни саҥаран айдаар, айахтат. Говорить, громогласно повторяя одно и то же, или говорить пустое, вздорное одно за другим
Бука бары биири этэн лэбээрбиттэрэ: сыһыан олохтонор буолла! ЫДЫа
Саҥа-иҥэ элбээтэ. Сэргэхсийии, сэҥээрсии сүрдэннэ. Ол эрээри мэнээк күлсүбэттэр, лэбээрбэттэр. П. Ламутскай (тылб.)
II
даҕ. Биири үрүт-үөһэ эбэтэр мээнэни саҥаран айдаарар идэлээх; мээнэ саҥалаах. Надоедающий своим бессмысленным многословием, бесконечными повторами одного и того же
Кини силиэстийэҕэ лэбээр тыллаах уонна акаары буолан кубулуммут. А. Фёдоров
Кырдьан истэҕим аайы лэбээр буолан иһэбин. П. Аввакумов


Еще переводы:

лэбээрдээ

лэбээрдээ (Якутский → Якутский)

көр лэбээр I
Арыгы иһэр киһи бастаан мээнэ лэбээрдиир, саҥарар-иҥэрэр. «ХС»