Якутские буквы:

Якутский → Якутский

лэһиргэт

туохт., кэпс.
1. Тугу эмэ туспа арахсан иһэр курдук кэбэҕэстик быһыта эбэтэр хайыта охсуталаа. Рубить или раскалывать что-л. с лёгкостью, одно за другим, сильными чёткими ударами (напр., чурки на полена). Чууркалары хайыталаан лэһиргэтэн кэбистим
2. Кыргыһыыга өстөөхтөр төбөлөрүн быһыта оҕус. В сражении рубить головы врагам
Хаһаактар хайыһан көрбүттэрэ: хаһаак Метелица онно биир өт түттэн ляхтары эр-биир төбөлөрүн лэһиргэтэр. Н. Гоголь (тылб.)
Туох эмэ булду саанан биир-биир ытан элбэхтик өлөр. Настрелять много какой-л. дичи
Биир түүн устата [куобаҕы] биэс уон устууканы лэһиргэттибит. Далан
3. Туох эмэ үлэни, сорудаҕы кэмигэр сөпкө бүтэрэн ис. Завершать какие-л. задания, работы точно в срок
«Б ы л а аны холкутук кэмигэр лэһиргэтэн иһэбит», — диэтэ Юрий Семёнович. Н. Лугинов