сыһ.
1. Эрдэ, ситэ-буһа илигинэ (хол., быс — туораахтаах култуура туһунан). ☉ Раньше срока, не дождавшись созревания, еще зеленым (напр., срезать — о зерновой культуре)
Бурдугу күөхтүү быстылар. Люцерна күөхтүү туһаныллар, эбиэстээҕэр элбэх саахардаах, ол гынан баран күөх эбиэстээҕэр куһаҕаннык сиилэстийэр. САС
Күөхтүү сиэтэргэ анаан хомуллар кукуруза иҥэмтэлээх бэссэстибэлэринэн олус баай, элбэх битэмииннэрдээх буолар. ХКА
2. Куура-хата илигинэ, сүмэһиннээх эрдэҕинэ (хол., мус — от туһунан). ☉ В пору созревания, в соку (напр., сгребать — о свежескошенной траве)
Оту күөхтүү мунньуохха, Ардахтан быыһыы охсуохха. С. Данилов
Туругурдун сыламыран, Сарыал күммүт буһугуран, Мунньулуннун бугулланан, Сыалаах оппут, күөхтүү кууран. А. Абаҕыыныскай