Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мараахтаа

туохт., кэпс. Күүһүҥ муҥунан ыараханнык сүүр, ой. Бежать тяжело, из последних сил
Тумулга тиийэн эрдэхпитинэ, эһэ сүүрэн иһэн лах гына олоро түстэ уонна биһиги диэки утары мараахтаан барда. Софр. Данилов
Суолга тоҕойдоон киирбит алаас эҥэлдьийэн эрдэҕинэ, тыа маанылаах кыыла туртас тоҥууну орто тунан ойуолаан мараахтаата. Сэмээр Баһылай