Якутские буквы:

Якутский → Якутский

маҥхаай

даҕ. Төрөөбөт, кытарах (таба тыһытын этэргэ). ☉ Бесплодная, яловая (о важенке)
Маҥхаай таба.  Маҥан хаарга Маҥхаай табанан Бадьара дьоруо ууран, Баран иһэбин. Л. Попов


Еще переводы:

бадьара

бадьара (Якутский → Якутский)

бадьара дьоруо – 1) ат айанныырыгар икки хаҥас эбэтэр икки уҥа атахтарын наар ылан үктүүрэ. ☉ Иноходь (об аллюре лошади)
[Саллааттар] хара элэмэс аты бадьара дьоруонан түһэрэн иһэр салгын харааччы сиэбит сирэйдээх, бытыктаах киһини бары эндэппэккэ биллилэр. П. Филиппов
Маҥан табанан, маҥхаай табанан бадьара дьоруо уурдаран, баран иһэбин. Л. Попов; 2) поэт. киһини долгуппат үчүгэй айаннаах (хол., ат). ☉ Художественный эпитет, описывающий езду на иноходце
Мачайар Баһылай биэс мөһөөккө барбатах бадьара дьоруо атын миинэн алааһы хайа хаамтаран тахсар. Саха фольк. Бадьара дьоруо аттардаах Баҕарах-Хаҥалас оҕолоро, Бааралаахпын билэннэр, Барбат-кэлбэт буоллулар. Саха нар. ыр. II
Сиэллээх моонньохтоох Чороон айахха Бадьара дьоруо сылгы Батыччахтыыр арыылаах Саамы кымыһын Дьалкылдьыччы куттулар. П. Ядрихинскай