Якутские буквы:

Якутский → Якутский

моонньон

моонньоо диэнтэн атын
туһ. Төбөтүттэн моонньоммут тииттэр, тулалаан турар күөххэ туох да сыһыана суохтуу, хамсаабакка дьиппиниһэн …… тураллар. Н. Лугинов
Моонньоммут тииттэргэ сымала Харах уутугар маарынныыр. Баал Хабырыыс
Моонньоммут мастары уһуннук кэтээтэххэ, моонньооһун үөһээ кытыытыгар мас хатырыга икки-үс нэдиэлэнэн соноон барар. СОТ


Еще переводы:

урдан

урдан (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Урдаах буол (эккэр-сииҥҥэр). Иметь шишку (на теле)
Арай сатаан аһаабат, Урданар буола уойбат этим. М. Тимофеев
Ханан эмэ болчуохтан, бөлчөҕөрдөн (үксүгэр, маһы этэргэ). Иметь нарост, наплыв, утолщение (обычно о дереве)
Мас урданан хаалбыт. ЯРС
Моонньоммут мастары уһуннук кэтээтэххэ, моонньооһун үөһээ кытыытыгар мас хатырыга икки-үс нэдиэлэнэн соноон барар, онтон бөлчөйөн, урданан тахсар. СОТ