Якутские буквы:

Якутский → Якутский

моҥун

туохт. Быанан муомахтанан бэйэҕэр тиийин, ыйанан өл. Вешаться, повеситься
Ыйанан бастыҥ сэргэҕэ моҥнон өлөн турар. ПЭК СЯЯ
Кыыс үс ый устата эрэ буолуохсуту кытта бииргэ хоонньоспокко сылдьан баран, моҥнон өлбүтэ. Н. Якутскай
Кыыс: «Хооһойго эргэ тахсыам кэриэтэ, моҥнуом», — диэбит. Н. Габышев
ср. хак. моон ‘повеситься, удавиться’


Еще переводы:

вешаться

вешаться (Русский → Якутский)

несов. (лишать себя жизни) ыйанан өл, моҥун, моҥнон өл.

быалан

быалан (Якутский → Якутский)

  1. быалаа диэнтэн бэй. туһ. [Филипп:] Чэ, оҕолоор. Турумаҥ, ылыҥ өтүүнү бэлэмнээҥ. Урут субу курдук өтүүнэн быаланан Киирик хаста да түһэ сылдьыбыт сирэ. С. Ефремов
    Сэргэһэ сэттэ сааһын туолбут, Тыһы кычытар кыылым Кымньыылаах тараһатын тириитэ Саары чиккэ быаламмыт. Саха нар. ыр. II
  2. көсп. Быанан ыйанан өл, моҥун. Повеситься. Омоҕой Баай мааны кыыһа аҕаһыгар күнүүлээн, Эллэй Боотуру ойох ылбата диэн тахсан сүтэн хаалбыт. Ону, сэрэйэн, быаланан өлбүтэ буолуо дииллэрэ үһү. Саха фольк.